Саха сиригэр алта нэһилиэнньэлээх пууну уу ылла

Share

Ыам ыйын 23 күнүнээҕи дааннайынан, Саха сиригэр алта нэһилиэнньэлээх пуун ууга барда: Кэбээйи улууһун Сииттэтэ уонна Чагдата, Амма улууһун Аммата уонна Чапчылҕана, Нам улууһун Арбына, Үөһээ Халыма улууһун Зырянката. Бу туһунан Арассыыйа ЫБММ эрэгийиэннээҕи управлениета иһитиннэрэр.

Өлүөнэ өрүс мууһа Кэбээйи уонна Нам оройуоннарынан хойуутук устар. Ленскэй уонна Өлүөхүмэ оройуоннарын таһыгар уу суукка иһигэр 10-50 см түстэ.

Муус алын кирбиитэ Кэбээйи уонна Эдьигээн улуустарынан хойуутук устар. Сангаар таһыгар уу таһыма 1130 см буолбут (кутталлаах кирбии — 1150 см). Бэҕэһээ Сангаартан 60 км тэйиччи сиргэ мууһу дэлби эстэрбиттэрэ.

Таатта Кыйытыгар даамбаны уу ылар куттала баар. Манна ЫБММ эрэгийиэннээҕи управлениетыттан 20 быыһааччы тиийдэ.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пилота суох көтөр аппарааттар көмөлөрүнэн ойууру кэтээн көрүү күүһүрдүллэр

Саха сиригэр  пилота суох, тепловизордаах  35 аппараат көмөтүнэн ойууру кэтээн көрүүнү күүһүрдэллэр. Саха сиригэр ойууру кэтээн көрөргө…

11 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Сэмсэ тыл»: Арассыыйаҕа ким көмөлөһөрүй?

Арҕааҥҥылар Украинаҕа быһаччы көмөлөһөр эбит буоллахтарына, биһиэхэ да син илии уунар ыаллыы дойдулаахпыт.

13 минут ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: күүһүлээһин, түөкүттэр угаайылара, баһаар

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр түөрт буруйу оҥоруу тахсыбыта бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата суруйар.…

46 минут ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Бэлисипиэттэри уоран тутуллубут

Дьокуускайга 1 №-дээх полиция отделыгар икки киһи бэлисипиэттэрин уордарбыттарын туһунан сайабылыанньа суруйбуттар. Холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ…

56 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр социальнай көмүскэл исписэлиистэрин сүлүөтэ

Саха сирин социальнай көмүскэлин эдэр исписэлиистэрин кытта үөрэх сүлүөтүн иитинэн, бу  салаа фундаментальнай сыаннастарын дьүүллэстилэр.…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: этиҥнээх ардах уонна +32°

Күн-дьыл туруга бу күннэргэ хайдаҕый?  Өрөспүүбүлүкэ киин, соҕуруу, арҕаа улуустарыгар быстах ардахтаах, сорох сиринэн этиҥнээх.…

2 часа ago