Саха сиригэр алта ойуур баһаарын умуруораллар

Share

Бэс ыйын 26 күннээҕи туругунан Саха сиригэр алта ойуур баһаара баар. Уоту умуруорууга 110 киһи уонна 11 тиэхиньикэ үлэлиир. Бу туһунан СӨ Экологияҕа миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрдэ. 

Ол курдук, Өймөкөөҥҥө икки ойуур баһаара бэлиэтэнэр. Онтон Алдаҥҥа, Кэбээйигэ, Муомаҕа уонна Усуйаанаҕа — биирдии. Баһаардар уопсай иэннэрэ — 358, 4 га. Алдаҥҥа уонна Кэбээйигэ 0,4 га иэннээх баһаар бохсулунна.

Ааспыт өрөбүллэргэ 9,4 га иэннээх түөрт ойуур баһаарын уонна 26 га иэннээх биир ландшафтнай баһаар булбуттар. Үөһээ Халымаҕа 41 га иэннээх ойуур баһаарын уонна Абыйга 26 га иэннээх ландшафтнай баһаары умуруордулар.

Бэс ыйын 26 күнүттэн Усуйаанаҕа уонна Үөһээ Халымаҕа 4-с кылаастаах баһаартан сэрэхтээх буолуу эрэсиимэ киириэҕэ. Үөһээ Дьааҥыга маннык эрэсиим 5-с кылааска диэри үрдүөн сөп.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ОЛОХ ОЧУРДАРА: БҮДҮРҮЙБҮТ КӨНҮӨ ДУО?

Халлаан тымныйан, биһиги курдук дьон дьиэҕэ хаайтарар кэммит кэллэ. Хаарыан өрөбүлүм таах хаалаары гынна, сырдык…

18 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Түүл туһунан чахчылар

Түүл туһунан тугу билэбитий? Киһи түүлүн 90 бырыһыанын умнар уонна 10 бырыһыанын эрэ өйдөөн хаалар.…

53 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Байыас «Боха»: «Үс куппут бөҕөргүүр, кыайыыга эрэлбит күүһүрэр»

Бүгүн кэпсэтэр байыаһым Аҕа дойду көмүскэлин ытык иэһинэн ааҕар Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх “Боха” диэн позывнойдаах…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Үлэ сыла

Горнай чулуу булчуттарын туһунан кинигэ

Байанай – баай хара тыа иччитэ, ойуур, көтөр-сүүрэр таҥарата. Кинини былыргы сахалар олус үөрүнньэҥ, кэһии…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Уот кыһыл ат сылын хайдах көрсөбүт?

Сылбыт элэҥнээн ааһа охсон, номнуо бүтэһик ый – ахсынньы үүннэ. Саҥа сылга диэри ыйы кыайбат…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

“Туймаадалар” дьоллоро – аптаах илиилээх Светлана Иванова

Аатырбыт-сураҕырбыт, норуот тапталын ылбыт  “Туймаада” судаарыстыбаннай вокальнай ансаамбыл дириэктэрэ, уус-уран салайааччыта, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ …

3 часа ago