Саха сиригэр араагы утары охсуһуу нэдиэлэтэ саҕаланна

Share

Сыл аайы олунньу 4 күнүгэр Араагы утары охсуһуу бүтүн аан дойдутааҕы күнэ бэлиэтэнэр. Араак – үксүгэр инбэлииккэ тахсыыга уонна өлүүгэ тириэрдэр уодаһыннаах ыарыы. Ол гынан баран, аныгы мэдиссиинэ  ыарыыны хайдах сэрэтэри, эрдэттэн булары билэр. Ол түмүгэр көдьүүстээхтик эмтэннэххэ олоҕу уһатыахха сөп. Ол иһин, ханнык баҕарар киһи аныгы диагностика  көмөтүнэн түргэнник уонна хаачыстыбалаахтык эмтэнэрэ олус улахан суолталаах.

Араагы утары охсуһуу Бүтүн аан дойдутааҕы күнүн сүрүн соругунан уопсастыбаннас болҕомтотун араак кыһалҕаларыгар тардыы, бу салааҕа наука чинчийиилэрин көҕүлээһин, эмтэнээччилэри мэдиссиинискэй көмөнөн хааччыйыыны тупсарыы, ыарыы туһунан нэһилиэнньэ билиитин ситиһии буолаллар.

Өйдөбүнньүк күн үс сыл буола-буола уларыйар араас лозунунан ыытыллар. Бу күн аан дойдуга барытыгар чөл олоҕу сырдатарга, уодаһыннаах ыарыыга ылларбыт дьоҥҥо көмө үбү-харчыны хомуйарга аналлаах тэрээһиннэр ыытыллаллар.

Статистика көрдөрөрүнэн, араак ыарыытын 30-50%  сэрэтиэххэ сөп.

2018 сылтан диспансеризацияны ыытыы саҥа бэрээдэгэ киллэриллибитэ. Ол эбэтэр, хас биирдии киһи  икки сылга биирдэ онкология ордук тарҕаммыт көрүҥнэригэр скрининг-чинчийиини ааһар. 2019 сылтан 40-тан үөһээ саастаахтар диспансеризация чэрчитинэн сыл аайы ыарыыны сэрэтэр чинчийиини ааһыахтарын сөп. 2024 сылга ким баҕарар ыарыыны сэрэтэр мэдиссиинискэй көрүүгэ сыл аайы сылдьара былааннанар. Эмтэнии ситиһиилээх буоларыгар эмтэнээччи бырааска итэҕэйэрэ элбэҕи быһаарар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Үөрэх

Кэлэр сыллааҕы эксээмэннэр ыытыллар күннэрин бигэргэттилэр

РФ Үөрэҕириитин уонна Үөрэҕи, билими кэтээн көрөр федеральнай сулууспа кэлэр сыллааҕы биир кэлим эксээмэн, сүрүн…

2 минуты ago
  • Сонуннар

Кытайга уонна Хотугу Кореяҕа барарга тимир суол сырыыта сөргүтүлүннэ

Арассыыйа тимир суоллара (АТС) Кытайы уонна КНДР-ы кытта пассажирдары тиэйиини сөргүтэллэр. Бу туһунан АТС пресс-сулууспата…

18 минут ago
  • Сонуннар

«Конституция — Арассыыйа быраапка тирэҕэ: Саха сирин аныгы быыбардыыр тиһигин 30 сыла» тэрээһин ыытылынна

Бүгүн СӨ Бырабыыталыстыбатын 2 дьиэтигэр "Конституция -- Арассыыйа быраапка тирэҕэ: Саха сирин аныгы быыбардыыр тиһигин…

30 минут ago
  • Сонуннар

Историческай паарка алмаастаах быыстапканы билиһиннэрдэ

«Арассыыйа – мин устуоруйам» историческай пааркаҕа «Кино в службе Отечества» бэстибээл чэрчитинэн «Дьиэбэр барабын» киинэни…

34 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Сэрии толоонугар дьоруойдуу охтубут эһээ уонна хос-хос сиэн сырдык кэриэстэригэр

Балбахов Виссарион Дмитриевич,  үйэ чиэппэрэ кэм  устата Хоту сиргэ таһаҕаһы таһыыга эҥкилэ суох үлэлээбит Арассыыйа Федерациятын…

38 минут ago
  • Бэрээдэк

Дьокуускайга эр киһи комиссионнай маҕаһыынтан перфоратор уорбут

Дьокуускай полициятыгар Лермонтов уулуссатыгар баар комиссионнай маҕаһыын бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Кини маҕаһыынтан 6 тыһ.солк. суумалаах…

48 минут ago