Салгыы
Саха сиригэр археологтар неолит кэминээҕи 30 тыһ. тахса артефагы булбуттар

Саха сиригэр археологтар неолит кэминээҕи 30 тыһ. тахса артефагы булбуттар

Ааптар:
12.09.2024, 12:30
Хаартыска: Саха сирин култуурунай нэһилиэстибэтин эбийиэктэрин харыстыыр управлениетын пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Мииринэй улууһугар неолит кэминээҕи 30 тыһ. тахса археологическай хаһыылардаах үлэлэр түмүктэннилэр.

Археологическай хаһыыларга 150-ча киһи кытынна. Үлэлэр 16 000-тан тахса кв.м. иэннээх сиргэ ыытыллыннылар диэн Саха сирин култуурунай нэһилиэстибэтин эбийиэктэрин харыстыыр управлениетын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Булуллубут маллар ортолоругар боруонса (эбэтэр алтан) кельт (сүгэ), нефрит таастан оҥоһуллубут киэргэл, керамика оҥоһуктара, ох саа буулдьата, быһах, сүгэ, о.д.а. Саҥа булуллубут маллары барытын СО РАН археология уонна этнография институтун үлэһиттэрэ үөрэтиэхтэрэ. Ону тэҥэ Дьокуускайга уонна Бүлүү оройуоннарыгар бу булумньулар быыстапкаларын тэрийэр кыах көрүллэр.

Археологтар 16 000 кв.м. иэннээх сири хаһыы үлэтин кэмигэр 30 000-тан тахса артефактар булуллубуттар. Булумньулар XVII үйэ иннинээҕи неолит кэминээҕи буолаллара быһаарыллар. Бырайыагы олоххо киллэриигэ түөрт археологическай этэрээккэ 150-ча киһи үлэлээтэ. Саха сиригэр биир сезоҥҥа ыытыллыбыт археологическай чинчийиилэр саамай  киэҥ далааһыннааҕынан ааҕыллаллар.

+1
10
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: