Саха сиригэр ас-үөл наборун алын кээмэйэ 9613 солк. тэҥнэспит
Быйыл тохсунньу ый бүтүүтэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин үрдүнэн ас-үөл наборун кээмэйэ ортотунан 9613,0 солк. тэҥнэстэ уонна ааспыт ыйдарга тэҥнээтэххэ 0,7% үрдээтэ.
Сахастат дааннайынан, Саха сирин куораттарын уонна оройуоннааҕы кииннэрин ортолоругар сыананы кэтээн көрүү түмүгүнэн, набор сыанатын муҥутуур кээмэйэ Зырянкаҕа (12 770,1 солк.), саамай кырата – Нерюнгри куоракка (8 342,3 солк.) регистрацияланна.
2024 сыл тохсунньутугар бу иннинээҕи ыйдарга тэҥнээтэххэ сыан үрдээһинэ бэлиэтэнэр: куурусса сымыыта 2,9%, ынах арыыта — 1,8%, пастеризованнай үүт — 2, 5 -3,2%, сыыр- 1,5%, бурдук — 1,3%, килиэп уонна бурдук аһа – 1,2%, хара килиэп — 0,6%, саахар — 0,2%.
Ону таһынан, сыана түһүүтэ регистрацияланна: тоҥоруллубут балык — 2,2%, мас арыыта — 1,1%, ириис курууппа – 0,6%. Эт аһылыктан ынах этин сыаната — 2,1%, сибиинньэ этэ – 0,9%, куурусса — 0,7% үрдээбит.
Оҕуруот аһыгар сыана оҕурсууга -14,2%, хаппыыстаҕа уонна моркуопка — 1,5%, дьаабылыкаҕа — 0,7% үрдээбит, оттон ол кэмҥэ хортуоппуй сыаната — 0,5%, эриэппэ луук -1,9%-нан түспүт.
Сахастат пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: