Саха сиригэр атомнай ыстаансыйа тутуута саҥа нацбырайыакка киллэрилиннэ
«Саҥа атомнай уонна энергетическэй технологиялар» технологическай лидер национальнай бырайыагар Усуйаана улууһугар дьоҕус кыамталаах атомнай ыстаансыйа тутуутун киллэрдилэр.
Уус Куйга бөһүөлэгин аттыгар Ритм-200Н реактордаах дьоҕус атомнай ыстаансыйа тутуута Саха сирин Арктика зонатын сайыннарыыга биир тутаах бырайыагынан буолар. Ыстаансыйа икки блога 2031 сылга бүтэрэ былааннанар. 2023 сылга ыстаансыйа бастакы эбийиэгэ — 250 киһилээх быстах кэмҥэ тутааччылар куората үлэҕэ киллэриллибитэ. Быйыл иккис 1500 киһилээх тутааччылар куората үлэҕэ киирэрэ күүтүллэр, ону тэҥэ тутуу уонна массыына суолларын тиэхиньиичэскэй баазатын тутуута күүтүллэр.
Ыстаансыйа Күчүс кыһыл көмүс хостуур сирин уонна Уус Куйга бөһүөлэгин энергиянан хааччыйыаҕа. 110 МВт кыамталаах икки блоктаах ыстаансыйа инникитин Депутатскайдааҕы хорҕолдьун рудатын энергиянан хааччыйар кыаҕа көрүллэр. Бу боппуруос РФ Бырабыыталыстыбатыгар, федеральнай министиэристибэлэргэ уонна «Росатом» судаарыстыбаннай корпорация көрүүлэригэр сылдьар. РФ Бэрэсидьиэнин Ыйааҕынан «Саҥа атомнай уонна энергетическэй технологиялар» национальнай бырайыак чэрчитинэн икки блоктаах дьоҕус атомнай ыстаансыйалары тутуу көрүллэр.
Санатан эттэххэ, «Саҥа атомнай уонна энергетическэй технологиялар» национальнай бырайыак дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбитэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: