Саха сиригэр атомнай ыстаансыйа тутуута саҥа нацбырайыакка киллэрилиннэ

Share

«Саҥа атомнай уонна энергетическэй технологиялар» технологическай лидер национальнай бырайыагар  Усуйаана улууһугар дьоҕус кыамталаах атомнай ыстаансыйа тутуутун киллэрдилэр.

Уус Куйга бөһүөлэгин аттыгар Ритм-200Н реактордаах дьоҕус атомнай ыстаансыйа тутуута Саха сирин Арктика зонатын сайыннарыыга биир тутаах бырайыагынан буолар. Ыстаансыйа икки блога 2031 сылга бүтэрэ былааннанар. 2023 сылга ыстаансыйа бастакы эбийиэгэ — 250 киһилээх быстах кэмҥэ тутааччылар куората үлэҕэ киллэриллибитэ. Быйыл иккис 1500 киһилээх тутааччылар куората үлэҕэ киирэрэ күүтүллэр, ону тэҥэ тутуу уонна массыына суолларын тиэхиньиичэскэй баазатын тутуута күүтүллэр.

Ыстаансыйа Күчүс кыһыл көмүс хостуур сирин уонна Уус Куйга бөһүөлэгин энергиянан хааччыйыаҕа. 110 МВт кыамталаах икки блоктаах ыстаансыйа инникитин Депутатскайдааҕы хорҕолдьун рудатын энергиянан хааччыйар кыаҕа көрүллэр. Бу боппуруос РФ Бырабыыталыстыбатыгар, федеральнай министиэристибэлэргэ  уонна «Росатом» судаарыстыбаннай корпорация көрүүлэригэр сылдьар. РФ Бэрэсидьиэнин Ыйааҕынан «Саҥа атомнай уонна энергетическэй технологиялар» национальнай бырайыак чэрчитинэн икки блоктаах дьоҕус атомнай ыстаансыйалары тутуу көрүллэр.

Санатан эттэххэ, «Саҥа атомнай уонна энергетическэй технологиялар» национальнай бырайыак дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбитэ.

What’s your Reaction?
+1
4
+1
1
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Боксер Василий Егоров спортивнай карьератын кыайыынан түмүктээтэ

Боксер Василий Егоров "Вызов Севера" күрэхтэһиигэ кыайыытынан спортивнай карьератын түмүктээтэ. Кини бу туһунан бэйэтин тус…

28 минут ago
  • Сонуннар

Барыһы батыһар кафелар…

Дьон аһыыр сирин арыйан биисинэс тэринии өрүү харчыны киллэрэр. Бүтэһик сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ дьоппуон, кытай, узбекистан,…

58 минут ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга оптуобустар үлэлэринэн суһал лииньийэ үлэлиир

Дьокуускайдааҕы суол-тырааныспар сулууспатын телеграм-ханаалыгар маршрутнай оптуобустар үлэлэрин хонтуруоллуур суһал лииньийэҕэ биир күн устата киирбит ыйытыылары…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хапкааны салапааҥҥа уган

Аҕыйах хонуктааҕыта Майа сэл. олохтооҕо, “СӨ ОДьКХ” ГУП Мэҥэ Хаҥаластааҕы филиалын тутаах үлэһитэ Иннокентий Неустроев…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр ойуур баһаардарын туһунан киинэ көстүөҕэ

Саха сиригэр ойуур баһаардарын умуруоруу туһунан "Пожары Якутии: спасаем лес во имя будущего" диэн документальнай…

2 часа ago
  • Сүрүн

Уунан тиэйэн, сиринэн таһан, салгынынан көтүтэн

Хоту арктическай улуустары аһынан-табаарынан хааччыйыы биир тирээн турар сорук буолар. Сайынын уу суолунан таһаҕас тиэммит…

2 часа ago