Бу дьыл кулун тутар ыйыттан саҕаламмыт баһаартан сэрэтэр тэриллэри (АДПИ) туруорар аахсыйаҕа 1,3 тыһыынчаттан тахса киһи кытынна, 3877 дьиэ кэргэн хабылынна, 4160 баһаары сэрэтэр тэрил туруорулунна диэн суруйар СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
“Аахсыйа ис хоһооно маннык, кыттааччы баһаартан сэрэтэр тэрили атыылаһар уонна бэйэтин чугас дьонун, доҕотторун, элбэх оҕолоох ыаллар дьиэлэригэр туруорар, ол кэннэ кимиэхэ эрэ бэйэтэ эстафетаны биэрэр”, — диэн СӨ Нэһилиэнньэ олоҕор куттал суох буолуутун хааччыйар уонна гражданскай оборуона дьыалаларыгар министиэристибэҕэ кэпсээтилэр.
Хаартысканы эбэтэр видеоны кыттааччы в ВКонтакте бэйэтин страницатыгар @mingoobzhn_yakutia и хэштега #предупредипожарустановиАДПИ» министиэристибэ уопсастыбата бэлиэлээх туруорар. Баһаартан сэрэтэр тэрил саамай сүрүн үтүөтэ – баһаары саҥа саҕаланан эрдэҕинэ биллэрэ охсоро буолар. Кини кыра да буруоҕа, итийиигэ реакция биэрэр, онон куотан тахсарга эбэтэр умуруорга кыах биэрэр.
АДПИ өссө биир үчүгэйэ – кини батареянан эбэтэр аккумуляторынан барар. Онон уот суоҕар да үлэлиир. Ким баҕарар бэйэтигэр туруорунуон сөп, онно анал киһи наадата суох уонна сыаната да чэпчэки.
Ханна туруорар ордугуй?
Бүгүн бээтинсэ, ахсынньы 13 күнэ. Христианнар бу күнү туох да табыллыбат, дьоло суох күнүнэн ааҕаллар.…
Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр 8 буруйу оҥоруу бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата суруйар. Покровскай…
Спортивнай күрэхтэһии түмүктүүр чааһа 2027 сыл от ыйын 7-11 күннэригэр Ньурбаҕа буолуоҕа. Ньурба улууһугар 2027…
Тыыннаах харыйалар атыыга хаһан тахсыахтарай? Ахсынньы 14 күнүттэн киин куорат "Якутлесресурс" баазатыгар, Кеша Алексеев аатынан…
Бу күннэргэ Дьокуускайга “Кино на службе Отечеству” норуоттар икки ардыларынааҕы көһө сылдьар бэстибээл ыытылла турар.…
Ахсынньы 11-12 күннэригэр Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикумугар “Инники идэҕэ хардыы” эдэр чинчийээччилэр XVIII пуорумнара буолан…