Саха сиригэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын 89 дьиэ кэргэнигэр гаас ситимигэр холбоноллоругар көмө оҥоһулунна

Share

Саха сиригэр байыаннай сулууспалаахтарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр аадырыстаах көмө оҥоһуллар.

«Кулун тутар  7 күнүнээҕи туругунан, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын  89 дьиэ кэргэнигэр  олорор дьиэлэрин гаас ситимигэр холбонууларыгар харчынан көмө оҥоһулунна.  Ол курдук байыаннай дьайыыы байыастарын 258 төрөппүтэ санатронай-курортнай эмтэниини аастылар. Ону сэргэ байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дьиэ кэргэнин 246 чилиэнэ байыас эмтэнэ сытар сиригэр айаннаан тиийэллэригэр үбүнэн көмөнү туһаннылар», — бу туһунан кулун тутар  11 күнүгэр  СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы  Георгий Степанов иһитиннэрдэ.

Байыаннай дьайыы 535 кыттыылааҕа, ону сэргэ 907 кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ  доруобуйа харыстабылын, социальнай тэрилтэлэргэ чөлгө түһүүнү ааспыттар. 162 киһи дьиэҕэ уонна стационарга оҥоһуллар социальнай көмөнү туһаммыттар.

Дьарыктаах буолуу киинигэр 292 киһи  үлэ көрдөөн тиийбит. Олор истэригэр байыаннай дьайыы 100 кыттыылааҕа уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ. Балартан  95 киһи идэ ылар куурустарга үөрэххэ ыытыллыбыттар, 169 киһи үлэҕэ киирбит.

РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын, бэтэрээннэрин уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин бары миэрэнэн өйүүр туһунан сорук туруорбута.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

7 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

8 часов ago