Бэс ыйын 4 күнүгэр Саха сирин Киин быыбардыыр хамыыһыйатын мунньаҕа ыытылынна.
Сахамин Миланович Афанасьев Халыма-Индигиир биир мандааттаах быыбардыыр уокуруктан болдьоҕун иннинэ норуот дьокутаатынан боломуочуйата тохтообутунан, бу сыл балаҕан ыйын 8 күнүгэр норуот дьокутаатын талыыга биир кэлим куоластааһын күнэ ананна.
34 №-дээх Халыма-Индигиир биир мандаттаах быыбардыыр уокурукка Саха сирин 5 оройуоннун территорията киирэр, ол иһигэр Абый, Үөһээ Дьааҥы, Муома, Өймөкөөн уонна Орто Халыма.
Саха сирин Киин быыбардыыр хамыыһыйатын чилиэттэрэ Халыма-Индигиир биир мандаттаах быыбардыыр уокурукка норуот дьокутаатын талыыга биир кэлим куоластааһын күнүгэр, балаҕан ыйын 8 күнүгэр, быыбары ыытар тэрээһиннэри бэлэмнээһиҥҥэ дьаһаллар торумнарын бигэргэттилэр.
Хандьыдааттары регистрациялааһын 30 күн устата (олохтоох бириэмэнэн киэһэ 18:00 чааска диэри) официальнайдык быһаарыы бэчэтээммитин кэнниттэн эбии быыбары аныыр туһунан быһаарыы ылыллыаҕыттан саҕаланар. Норуот дьокутаатын быыбарыгар баартыйалар испииһэктэрэ бигэргэтилиннэ, манна илии батааһыннары хомуйар ирдэммэт: «Биир ньыгыл Арассыыйа», РФКП, «Новые люди», ЛДПР, Сиэрдээх Арассыыйа – Патриоты – За правду, Родина, Арассыыйа хомуньуустара.
Итини кытта бэйэ туруорунууга муҥутуур элбэх илии батааһыннары хомуйуу ахсааныгар уураах ылылынна. Ол курдук, хандьыдааты регистрациялыырга наадалаах илии баттааһынын ахсаана — 620, онуоха уокуруктааҕы быыбардыыр хамыыһыйатыгар бэриллибит илии баттааһынын ахсаана 682 куоһарыа суохтаах. Илии баттааһыннарын хомуйуу сорох чааһа ЕПГУ судаарыстыбаннай портал нөҥүө ыытыллыан сөп. Судаарыстыбаннай портал нөҥүө илии батааһыннарын муҥутуур ахсаана — 124. Уокуруктааҕы быыбар хамыыһыйатын боломуочуйата Абыйдааҕы территориальнай быыбардыыр хамыыһыйатыгар (бэрэссэдээтэл Новикова Е. П.) сүктэрилиннэ диэн Киин быыбардыыр хамыыһыйа пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Бүгүн Саха цииркэтигэр сылга биирдэ ыытыллар дьоро күн буолла – Ил Дархан үгэскэ кубулуйбут Харыйата.…
Дьокуускайга итирик кыыс харах балыыһатыгар айдаан таһаарбыт. Санаттахха, суһал офтальмологическай көмө киинигэр 30 саастаах кыыс…
Баһылай Манчаары аатынан "Модун" успуорт национальнай көрүҥнэрин киинигэр Федор Дегтярев аатынан СӨ мас-рестлиҥҥэ абсолютнай чөмпүйэнээт…
Урбаанньыттары уонна бэйэ дьыалатынан дьарыктанааччы дьону түмэр "Биисинэс-Экспо” быыстапка сылтан сыл аайы ыытар үлэтэ киэҥ…
Бүгүн, ахсынньы 21 күнүгэр, Саха сирин бриллиантовай циркэтигэр 20-с төгүлүн өрөспүүбүлүкэҕэ баһылык харыйата буолла. Айсен…
Ньурба улууһугар Күндээдэ биир улахан, көхтөөх нэһилиэк. Манна 700-тэн тахса киһи олорор. Федеральнай суол Бүлүү…