Хаартыска: Айаал Черноградскай.
Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, от ыйын 24 күннээҕи туругунан Саха сиригэр уопсайа 48 237 туонна от охсулунна. Бу быйылгы былаантан 10% буолар.
Ааспыт нэдиэлэҕэ өрөспүүбүлүкэ киин уонна илин эҥэр улуустарыгар күүстээх ардахтар түһэннэр, оттооһун хаамыыта лаппа бытаарбыт. Ол эрэн охсуллубут оту ыйааһынынан ылан көрдөххүнэ, ааспыт сыллааҕы көрдөрүүттэн ордук — былырыын бу кэмҥэ 46 022 туонна от турбут эбит. Итиэннэ охсуллубут ходуһалары иэннэринэн ыллаххына былаантан хаалыы баар: 65 817 гектар (ааспыт сайын от ыйын бүтүүтэ 74 155 гектар этэ).
Билигин 2023 сыллааҕы уопсай от былааныттан 10% охсулунна. Былааны толоруу көрдөрүүлэринэн үс бастыҥ улуустарынан Уус Алдан (6 932 туонна — 20,71%), Мэҥэ Хаҥалас (5 593,5 туонна — 9,92%), Амма (4 449,5 туонна — 13,80%) буолбуттар.
«Дальний Восток – Земля приключений» куонкуруска “Тропами Победы” (“Кыайыы ыллыгынан”) диэн саҥа номинация баар буолла.…
Саха сиринээҕи ИДьМ наркотигы хонтуруоллуур отделын үлэһиттэрэ бобуулаах веществолары сокуона суох тарҕатыыга уорбаланар 30 саастаах…
Леонид Попов аатынан Сунтаар улуустааҕы библиотекатын айымньылаах үлэтин биир бэлиэ көстүүтүнэн үгэс курдук ыытыллар “Сунтаар…
Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕын сүрүн түгэннэриттэн биирдэстэринэн «Батыйа - эр хоһуун санаа уонна үрдүк таһым бэлиэтэ»…
Нерюнгригэ Олоҥхо ыһыаҕар түөрт сыллааҕыта Үөһээ Бүлүүгэ саҕаламмыт «Олоҥхону ааҕабыт» бырайыак салҕанна. Үгэс курдук, бырайыагы…
Саха сиригэр 1 тииптээх саахарынай диабеттаах 2-17 саастаах оҕолор сыл бастакы аҥаарыгар глюкоза тиһигин быспат…