Саха сиригэр Доруобуйа харыстабылын биир кэлим колл-киинигэр биир мөлүйүөнтэн тахсата эрийдилэр

Share

Доруобуйа харыстабылын биир кэлим колл-киинигэр – 122-гэ  сыл саҕаланыаҕыттан  1 100 000 эрийдилэр. Бу туһунан Саха сирин Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Туһааннаах биэдэмистибэ этэринэн, үксүн Дьокуускай мэдиссиинэ тэрилтэлэригэр эрийбиттэр. Сервис мэдиссиинэ өҥөлөрүгэр тиксиини судургутутар. Саха сирин олохтоохторо бу сервис көмөтүнэн араас исписэлиистэргэ, ол иһигэр терапевка, педиатрга, дерматологка, психиатрга уонна эндокринологка көрдөрөргө суруйтараллар.

Ону тэҥэ диспансеризацияҕа, вакцинацияҕа, наркологка уонна психиатрга ыспыраапка толотторууга суруйтарыахха сөп. Бырааһы дьиэҕэ эмиэ ыҥырыллар.

Колл-киин киин коурат поликлиникаларын сэргэ Саха сирин 20 ки ин балыыһатын кытта үлэлиир: Айхаллааҕы, Алданнааҕы, Бороҕоннооҕу, Амматааҕы, Үөһээ Бүлүүтээҕи, Горнайдааҕы, Кэбээйитээҕи, Ленскэйдээҕи, Мэҥэ Хаҥаластааҕы, Мииринэйдээҕи, Намнааҕы, Нерюнгритааҕы, Ньурбатааҕы, Өлүөхүмэтээҕи, Хаҥаластааҕы, Сунтаардааҕы, Тааттатааҕы, Удачнайдааҕы, Уус-Маайатааҕы уонна Чурапчытааҕы.

Санаттахха, бу кэлим нүөмэр 2020 с. Covid-19 тарҕаммытыгар тэриллибитэ. Колл-киин үлэтэ дойду Бэрэсидьиэнин Владимир Путин көҕүлээбит “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак чэрчитинэн үлэҕэ киирбит цифровой трансформацияҕа киирсэр.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Атахпыт анныгар харалла сытар түҥ былыргы олохтон

Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…

18 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өрөйүҥ-чөрөйүҥ, олоҥхо истэр кэм кэллэ

“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Абхазияҕа туох буолла?

Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: сэтинньи 23 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…

3 часа ago
  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

16 часов ago