Саха сиригэр эдэр педагогтары уһуйарга сыһыаннаах өрөспүүбүлүкэтээҕи пуоруму ыыталлар

Саха сиригэр эдэр педагогтары уһуйарга сыһыаннаах өрөспүүбүлүкэтээҕи пуоруму ыыталлар

31.01.2023, 19:19
Бөлөххө киир:

Үөрэх үлэһиттэрин Тохсунньутааҕы мунньаҕын иитинэн, орто анал үөрэх 23 тэрилтэтин 500-тэн тахса педагога уонна устудьуона тохсунньу 31 — олунньу 3 күннэригэр эдэр педагогтары уһуйарга сыһыаннаах өрөспүүбүлүкэтээҕи пуорумҥа кытталлар.

“Педагогтарбыт маастарыстыбаларын үрдэтэн, үөрэх хаачыстыбатын тупсарыах тустаахпыт. Уһуйуу уонна бастыҥ уопут бу хайысхаҕа уопсай үлэни күүһүрдүөхтээхтэр. Уопуттаах кэллиэгэ өйөбүлэ уонна холобура идэҕэ сатабыл үрдээһинигэр эрэ суолталаах буолбатах, эдэр педагог личность быһыытынан, гражданскай көрүүлээх уонна эппиэтинэстээх буоларыгар улахан суолталаах”, — диэн Ил Дархан Айсен Николаев Тохсунньутааҕы мунньах кыттыылаахтарыгар туһаайыытыгар бэлиэтээтэ.

Интерактивнай үлэ сэттэ былаһаакканан маннык хайысханан барар: “Адаптация”, “Үөрэх хаамыыта”, “Үөрэҕи таһынан дьарык”, “Идэҕэ маастарыстыба”, “Биисинэс. Бэйэ дьарыга”, “Сыыппараҕа кырааматынас”, “Устудьуоннар бэйэни салайыныылара”.

Бырагыраамаҕа дьарыктар (практикум), дискуссионнай былаһааккалар, “Идэни биэрэр үөрэх тэрилтэлэригэр уһуйуу систиэмэтин тэрийии” идэ таһымын үрдэтэр куурустар киирэллэр.

Ону тэҥэ, үөрэнээччилэргэ “PRO успех” мотивационнай былаһаакка үлэлиэҕэ, онтон педагогтарга – уопут атастаһар, маастар-кылаастары, трениннэри ыытар “Уһуйуу бастыҥ быраактыката” тэрээһин.

Пуорум түмгүнэн кыттааччылар бэйэлэрин бырайыактарын көмүскүөхтэрэ. Бырайыактары эспиэрдэр хамыыһыйалара сыаналыаҕа. Бу туһунан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата суруйар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -32°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: