Саха сиригэр бастыҥ эдэр тыа үлэһитин быһаардылар

Share

«Эдэр тыа үлэһитэ – 2024» куонкурус кыайыылаахтара уонна призердара быһаарылыннылар.

Куонкуруска барыта 96 үлэ киирдэ, ол иһигэр 22 улуустан уонна 5 Аартыка улуустарыттан. Саха сирин 6-11 кылаастарынан үөрэнэр оҕолор маннык номинацияларынан кытыннылар: бастыҥ эдэр оҕуруот аһын үүннэрээччи, бастыҥ отчут, механизатор, табаһыт, балыксыт, эколог уонна рационализатор.

«Эдэр тыа үлэһитэ – 2024» өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус түмүгүнэн Амма улууһун Абаҕатааҕы орто оскуолатын үөрэнээччитэ Михаил Лазарев буолла.

Куонкурус тыа сирин үөрэх тэрилтэлэригэр үлэ иитиитин, оскуола үөрэнээччилэрин аграрнай идэлэргэ сыһыарыы уонна үлэ быраактыкатын тиһигин кэҥэтиигэ туһуланар. Тэрийээччи «Юные якутяне» ресурснай киин.

 

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс- сулууспата

What’s your Reaction?
+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Георгий Степанов: «Дьиэҕэ төннүү» диэн улахан бырайыак саҕаланна»

Бүгүн Дьокуускай куоракка анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта былаас уорганнара,…

2 минуты ago
  • Быһылаан

Ленскэйгэ киһи өлүүлээх дьиэ баһаара буолла

Ленскэй куоракка чааһынай дьиэ умайан, 59 саастаах эр киһи тыына быһынна. Бу туһунан СӨ ЫБММ…

17 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

«Дьиэҕэ төннүү» тэрээһин — байыаннай дьайыыттан төннөөччүлэргэ көмөнү оҥоруу олуга

Бүгүн Дьокуускай куоракка анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта былаас уорганнара…

47 минут ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

Дьокуускайга вандаллар биир күн иһигэр үс тохтобулу алдьаттылар

Дьокуускайга Гагаринскай уокурукка вандаллар биир күн иһигэр, сэтинньи 20 күнүгэр үс сылаас тохтобулу алдьаппыттар --…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Омук бородууксуйатын бэйэ киэнигэр уларытыыттан – олох хаачыстыбатын үрдэтиигэ

АЛРОСА хампаанньа оҥорон таһаарыы көдьүүстээх буоларын уонна үлэлиир усулуобуйа тупсарын туһугар сыыппараҕа көһөрүүгэ (цифровизация) уонна…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Саха сирэ» хаһыат бүгүн тугу суруйда?

Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…

2 часа ago