Салгыы
Саха сиригэр физическэй өттүнэн көхтөөх буолуу наадатын туһунан иһитиннэрэр нэдиэлэ саҕаланна

Саха сиригэр физическэй өттүнэн көхтөөх буолуу наадатын туһунан иһитиннэрэр нэдиэлэ саҕаланна

17.06.2024, 14:49
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр бэс ыйын 17 күнүттэн 21 күнүгэр диэри  физическэй өттүнэн көхтөөх буолуу наадатын туһунан иһитиннэрэр нэдиэлэ саҕаланна.

Нэдиэлэ устата нэһилиэнньэ ортотугар сэрэтэр үлэни ыытар туһуттан телебиэриилэр, хаһыаттарга ыстатыйалар, араадьыйаҕа эпиирдэр тахсыахтара.

Билиҥҥи кэмҥэ куорат олохтооҕун эт-сиин өттүнэн ноҕорууската ааспыт үйэлэри кытта тэҥнээтэххэ 50 төгүл аччаата. Дьон хамсаабакка олорор буолан, кинилэргэ гиподинамия сайдан, сүрэх-тымыр, уойуу, саахарнай диабет, остеопороз уод.а. ыарыыларыгар тиэрдэр.

Киһи хамсаннаҕына хаана эргийэр, ол уорганнарыгар бүтүннүүтүгэр үчүгэйдик дьайар: сүрэххэ, тыҥаҕа, тымырдарга, былчыҥ систиэмэтигэр. Эрчиллэр киһи сэниэлээх, тулуурдах, чэгиэн буолар.

Успуордунан дьарыктаныы, сибиэһэй салгыҥҥа эрчиллиилэри толоруу  уонна сөпкө тыыныы киһи бары уорганнарын кислородунан хааччыйар, сүрэх уонна тыҥа үлэтигэр көмөлөһөр, туруккун өрө көтөҕөр.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: