Саха сиригэр Ил Дархан гранын куонкуруһун кыайыылаахтара билиннилэр

Share

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархан гранын куонкуруһун кыайыылаахтарынан 77 кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэ буолла.

“Быйылгы алтыс куонкуруска 400 кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэттэн 474 сайаапка киирдэ. Куонкуруска 77 кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэ кыайда. Кинилэр бырайыактарыгар өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн уонна Бэрэсидьиэн граннарын пуондатыттан 102,6 мөл солк. үп көрүлүннэ. Кыайыылаахтары ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин! Кэнники биэс сылга уопсайа 475,5 мөл солкуобай уопсай суумалаах  369 социальнай бырайыак өйөбүлү ылла. Бу биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр көхтөөх дьон олорорун туоһулуур!”, — диэтэ Ил Дархан Айсен Николаев.

Көхтөөх оройуоннарынан 38 сайаапкалаах Ньурба оройуона буолла. Иккискэ – Горнай улууһа (29 сайаапка). Үһүскэ – Сунтаар оройуона (25 сайаапка).

9-туу сайаапканы киллэрбит Бүлүү уонна Хаҥалас оройуоннарыттан 2-лии сайаапка ааста. Чурапчы улууһугар – 20,8  бырыһыан – 24-тэн 5-һи өйөөтүлэр. Көдьүүстээҕинэн үһүс миэстэҕэ Уус Алдан таҕыста.

Саамай грант хайысхаларыттан киэҥник билиннэ “Култуура, искусство эйгэтин үлэтэ, киһи духуобунай сайдыытыгар көмөлөһүү”  — 77 бырайыак, “Гражданнары патриотическай иитии эйгэтигэр үлэ” – 69 бырайыак, “Дьон доруобуйатын харыстабылын, чөл олоҕу тэнитии эйгэтигэр үлэ” – 61 бырайыак, “Ыччат бэлиитикэтин эйгэтигэр үлэ” – 49 бырайыак, “Наука, үөрэхтээһин, сырдатыы эйгэтигэр бырайыактары өйөөһүн” – 46 бырайыак.

Ыччат дьыалатын уонна социальнай коммуникацияларга министиэристибэ чахчытынан, гражданскай уопсастыбаны сайыннарыыга 2020 сылтан 1991 бырайыак кытынна, 2020-2024 сс. 477 мөл солкуобай көрүлүннэ. Итинтэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бүддьүөтүн суотугар – 293 мөл солкуобай, Бэрэсидьиэн граннарын пуондатыттан – 184 мөл солкуобай.

Сиһилии  Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын 2024 сыл бэс ыйын 24 күнүнээҕи 358-РГ “О присуждении грантов Главы Республики Саха (Якутия) на развитие гражданского общества в Республике Саха (Якутия) в 2024 году” дьаһалын ааҕыҥ.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

4 часа ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

4 часа ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

4 часа ago