Саха сиригэр хамнас алын кээмэйэ 2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 16,6 % үрдүөҕэ уонна 22440 солкуобайга тэҥнэһиэҕэ диэн эрэгийиэннээҕи Үлэ министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Судаарыстыба бүддьүөтүттэн үбүлэнэр тэрилтэлэр үлэһиттэригэр, муҥутуур хотугу надбавка усулуобуйатыгар (80 быр.) МРОТ тэҥнэһэр:
— 1,7 оройуоннааҕы коэффициеннээх оройуоннарга 56 100 солкуобай;
— 2,0 оройуоннааҕы коэффициеннээх оройуоннарга — 62 832 солкуобай.
Бүддьүөккэ киирсибэт , ону тэҥэ федеральнай бүддьүөттэн үбүлэнэр тэрилтэлэр уонна предприятиелар үлэһиттэригэр, МРОТ үлэлиир кыахтаах нэһилиэнньэҕэ тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах буолуо суохтаах. 2025 сылга бу көрдөрүү 29187 солкуобайга тэҥнэһэр.
Саха сирин баһылыга бу иннинэ бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастарын үрдэтии туһунан иһитиннэрбитэ. Тохсунньу 1 күнүттэн доруобуйа харыстабылын, үөрэхтээһин, социальнай эйгэ уонна култуура үлэһиттэрин хамнастара үрдүөҕэ. Бу сыалга бүддьүөттэн 19 млрд солкуобай кэриҥин ыытыахтара. Ону тэҥэ МРОТ таһымынан хамнас ылааччыларга 16,6 бырыһыанынан үрдүүрэ күүтүллэр, атын категорияларга — 5,7%.
Сэтинньи 22 күнүгэр Индигир өрүс төрдүгэр былыр-былыргыттан олохсуйан олорор Русскай Устье, Походскай сэлиэнньэлэр олохтоохторун устуоруйаларыгар,…
2019 сылтан Уһук Илин уокуругар «Жилье и городская среда» национальнай бырайыак үлэлиир. Бу кэм устата…
Саха сиригэр 27 440 төрөппүт оҕолорун иитэллэригэр үрдэтиллибит биэнсийэни ылаллар диэн Социальнай пуонда Саха сиринээҕи…
Бүгүн Дьокуускай куоракка анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта былаас уорганнара,…
Бу күннэргэ Дьокуускайга уйулҕа үлэһиттэрин V пуорумнара буола турар. Үс сиэксийэнэн арахсан, өрөспүүбүлүкэ тутаах тэрилтэлэрин…
Психолог күнүн чэрчитинэн, Өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай кииҥҥэ «Практическая психология: актуальные вопросы» диэн V психологтар пуорумнара ыытылла…