Саха сиригэр хапкидо федерацията тэриллэр буолла
Мииринэй куоракка тохсунньу 3-5 күннэригэр Саха сиригэр успуорт саҥа көрүҥүнэн буолар хапкидоҕа күрэхтэһии бэрт үрдүк тэрээһиннээхтик буолан ааста.
Күрэхтэһиини Арассыыйаҕа хапкидо федерациятын вице-бэрэсидьиэнэ Глеб Покровскай тэрийэн ыытта. Күрэхтэһии түмүгэр сэминээр буолла. Сэминээргэ 30-тан тахса спортсмен кытынна. Эксээмэни туттарбыттарга Глеб Покровскай анал курдары (поястары) биэртэлээтэ.
«Үс күннээх сэминээр-дьарык буолла. Олохтоох уолаттар тхэквондаҕа бары өттүнэн толору бэлэмнээхтэрин көрдөрдүлэр. Кыттааччылар бу күрэхтэһиини олус интэриэһиргээбиттэр. Кинилэр ортолоругар хапкидоҕа Арассыыйа аһаҕас куубоктарын, бүтүн Арассыыйатааҕы күрэхтэһиилэр кыайыылаахтара бааллар. Мин санаабар, Саха сиригэр бу көрүҥ салгыы сайдар кэскиллээх уонна ол туһугар үлэлиэхпитин наада», — диэн Глеб Покровскай иһитиннэрдэ.
Саха сиригэр хапкидоны көҕүлээччи Гаврил Сивцев хара кура (пояһы) уонна үһүс даны ылары ситистэ.
«Биһиги тэрээһиммит түмүктэннэ. Дьокуускай — Мииринэй хайысханан массыынанан айаны тэрийдибит. Ол сылдьан, РИИХ «Сахамедиа» АУо бэрэстэбиитэллэрин кытта нэһилиэктэргэ таарыйан, хапкидо туһунан кэпсээтибит, «Саха сирэ» уонна «Якутия» хаһыаттары тарҕаттыбыт. Глеб Покровскай үс күннээх үрдүк таһымнаах сэминээрдэри тэрийдэ, ол түмүгүнэн эксээмэннэри туттардыбыт. Бу өттүгэр салгыы үлэлиэхпит. «Сахамедиа» генеральнай дириэктэрэ Виктор Колесов салалтатытан бу көрүҥү Саха сиригэр салгыы сайыннарарга анал былааннаахпыт», — диэн Гаврил Сивцев иһитиннэрдэ. Энтузиаст-көҕүлээччилэр Саха сиригэр хапкидо федерациятын тэрийэр былааннаахтар.
Хапкидо диэ тугуй?
Хапкидо ааспыт үйэ ортото Соҕуруу Кэриэйэҕэ айыллыбыт илиинэн охсуһуу систиэмэтинэн, илиҥҥи охсуһуулар тыһыынчанан сылларга муспут уопутун түмэр охсуһуу ускуустубатынан буолар. Онон үгүс дойдуга – Кэриэйэҕэ, Кытайга, Америка Холбоһуктаах Штаттарыгар, Канадаҕа, Бразилияҕа, Испанияҕа, Германияҕа уонна Францияҕа быраабы араҥаччылыыр уорганнар дьарыктанар, бэйэлэрин харыстаналларыгар туһанар көрүҥнэрэ эбит.
Тхэквондоҕа атаҕынан киирсэр буоллахтарына, хапкидоҕа үксүгэр илиинэн охсуһаллар. Ол эрээри, иккиэн “аймахтыы” көрүҥнэринэн буолаллар. Хапкидоҕа атаҕынан тэбии тхэквондоттан, оттон тхэквондоҕа илии тиэхиньикэтэ хапкидоттан киирэн, бэйэ-бэйэлэрин ситэрсибиттэр.
Хапкидо тиэхиньикэтигэр илиинэн, атаҕынан, тоҥолохторунан, тобуктарынан, төбөлөрүнэн, аһаҕас уонна сабыылаах ытыһынан, тарбахтарынан охсуһуу, ыарыылаахтык эрийэ тутуу, бырахсыы киирэр.
Сиһилии манан киирэн билис.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: