Салгыы
Саха сиригэр Хотугу норуоттар IV оонньуулара саҕаланыаҕа

Саха сиригэр Хотугу норуоттар IV оонньуулара саҕаланыаҕа

29.03.2023, 20:18
CӨ бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспатын хаартыската
Бөлөххө киир:
Кулун тутар 31  күнүттэн муус устар 2 күнүгэр диэри Эбээн Бытантай улууһун Баатаҕай-Алыытыгар Хотугу  норуоттар IV оонньуулара ыытыллыаҕа.  

«Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бэлиэтииринэн, Арассыыйа күүһэ бары норуоттар көҥүллүк сайдалларыгар уонна култуураларын, төрүт тылларын, үгэстэрин уратытыгар сытар диир. Саха сиригэр үйэлэр усталарыгар араас норуоттар култууралара алтыһан кэлбитэ. Норуоту харыстааһын  култуурунай нэһилиэстибэни харыстааһын буолар», — диэн Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтиир.

Оонньуулар чэрчилэринэн табаны сүүрдүү (бэтэрээннэр, эр дьон, дьахталлар, уолаттар, кыргыттар)  буолуоҕа  уонна абсолютнайга бастыыр иһин 10 км. күрэхтэһиэхтээ. Күрэхтэһии бырагырааматыгар наартаны ыстаныыы (эр дьон, уолаттар), аркааны быраҕыы (кыргыттар, дьахталлар, уолаттар, эр дьон) буолуоҕа уонна бары кыттыылаах  эстафета ыытыллыаҕа.

Эбээн Бытантай национальнай улууска култуурунай бырагыраама чэрчитинэн үөрүүлээх быһыыга-майгыга эбээн тылын уонна култууратын өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээлин аһыллыыта буолуоҕа. «Һээдьэ», «таба киэргэллэрэ», өрөспүүбүлүкэтээҕи «Сыл бастыҥ дьиэ кэргэнэ», «Көс ыала -2023», олохтоох ааптардар «Хотугу дойдубун хоһуйабын, киэн туттабын» кинигэлэрин быыстапката уонна «Возрождение, сохранение и развитие родного эвенского языка и культуры» тиэмэҕэ төгүрүк остуол ыытыллыаҕа.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: