Саха сиригэр Иркутскайга тохтубут бэнсиин бээтинэтэ кэлэригэр бэлэмнэнэллэр
Иркутскай уобаласка Өлүөнэ өрүскэ тохтубут бэнсиин 90% Саха сиригэр тиийбэккэ салгыҥҥа көтөрө сабаҕаланар. Сүүрүк күүһүн учуоттаан, бэнсиин бээтинэтэ сарсын түүн, бэс ыйын 14-15 күннэригэр, өрөспүүбүлүкэ кыраныыссатыгар тиийиэн сөп диэн СӨ айылҕаны туһаныыга, ойуур хаһаайыстыбатыгар уонна экологияҕа министиэристибэ иһитиннэрэр.
“ЛОРП” иһитиннэрбитинэн, саахал буолбутун кэнниттэн 30 мүнүүтэ иһигэр ууга бэнсиин түһэрин тохтоппуттар. ТР-901 суудуна хамаандата бэнсиин тохтубут сирин 200 миэтирэлээх хааччахтыыр быанан төгүрүппүттэр, 300 киилэ иҥэрэр сорбены сүөкээбиттэр.
Баар чахчылары барытын холбоон суоттатахха (тута оҥоһуллубут суһал миэрэлэр, бэнсиин паар буолан көтөрө), тохтубут бэнсиин 90% Саха сиригэр тиийбэккэ эрэ салгыҥҥа көтөрө сабаҕаланар. Ол эрэн, бары аналлаах тэрилтэлэр суһал быһыы-майгы үөскээһинигэр толору бэлэм буолуу эрэсиимигэр киирдилэр. СӨ Ленскэй көрдүүр-быыһыыр этэрээтэ хааччахтыыр боновой быалары, сорбены бэлэмнээтэ. Сүүрүк күүһүн учуоттаан бэнсиин бээтинэтэ сарсын түүн, бэс ыйын 14-15 күннэригэр, өрөспүүбүлүкэ кыраныыссатыгар кэлиэн сөп.
Билигин Иркутскай уобаласка икки танкер харсыспыт сирдэригэр силиэстийэ бара турар. Силиэстийэ көрдөрөрүнэн, бэс ыйын 12 күнүгэр Киренскэй оройуонугар Алексеевскай бөһүөлэк туһаайыытыгар ТР-901 уонна ТР-900 «Ерофей Хабаровск» танкердар харсыспыттар. ТР-900 «Ерофей Хабаровск» 832 туонна бэнсиин тиэйэн испит, харсыһыы түмүгэр 138 туонна иэннээх цистерна тэстэн, бэнсиинэ ууга тохтубут.
Бэнсиин тохтубут сиригэр «ыксаллаах быһыы-майгы» эрэсиимэ олохтоммут, уу киртийиитин утары суһал дьаһаллар ылыллыбыттар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: