Саха сиригэр кэнники сылларга 274  эбийиэк тутуллан үлэҕэ киирдэ

Share

Дойду Бэрэсидьиэнэ Вла­димир Путин көҕүлээбит национальнай бырайыактара өрөспүүбүлүкэҕэ саҥа балыыһалар, оскуолалар, култуура уонна успуорт эбийиэк­тэрэ тутуллан үлэҕэ киирэллэригэр эрэллээх тирэҕинэн буол­лулар.

Саха сирэ Уһук Илин уокурукка национальнай быра­йыактары олоххо киллэрэргэ инники күөҥҥэ сылдьар уонна рейтиҥҥэ 12 иһигэр киирэр. Ол курдук, национальнай бырайыактары олоххо киллэриигэ өрөспүүбүлүкэтээҕи да, федеральнай бүддьүөттэн да үбүлээһин сыл аайы үрдүүр.

Кэнники сылларга тыа сиригэр оскуолалар, оҕо уһу­йааннара, балыыһа комплекс­тара, успуорт уо.д.а. эбийиэк­тэрэ хото тутуллаллар. Бу өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар, нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбата тупсарыгар туһуламмыт дьоһун бырайыактар.

Саха сиригэр ааспыт биэс сылга 274 социальнай инфраструктура эбийиэгэ тутуллан үлэҕэ киирдэ. 50 оскуола, 32 оҕо уһуйаана уонна 60-тан тахса мэдиссиинэ саҥа эбийиэгэ тутулунна. Национальнай быра­йыак чэрчитинэн сылынан төһө эбийиэк үлэҕэ киирбитин тэҥнээн көрөр буоллахха маннык: 2019 с. – 59, 2020 с. – 44, 2021 с. – 47, 2022 с. – 64, 2023 с. – 57.

Оттон ааспыт сылларга саамай элбэх доруобуйа харыстабылын уонна үөрэх эбийиэктэрэ тутуллубуттар. Ол курдук, национальнай бырайыагынан араас бүддьүөттэн үбүлэнэн тутуллубуттар:  үөрэхтээһиҥҥэ – 2019 с. – 7, 2020 с. – 9, 2021 с. – 10, 2022 с. – 11, 2023 с. – 13; доруобуйа харыстабылыгар – 2019 с. – 10, 2020 с. – 17, 2021 с. – 10, 2022 с. – 25,
2023 с. – 20.

Кэнники сылларга, ол иһигэр быйыл «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынаа­ҕы оонньууларынан сибээстээн сүрүннээн успуорт эбийиэктэрэ тутулуннулар, саҥардылыннылар. Оттон доруобуйа харыс­табылын Кардиология уонна Онкология киинин курдук, бөдөҥ эбийиэктэр Уһук Илиҥҥэ тэҥнээхтэрэ суохтар.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Түмэл түүнэ» үгүс дьону түмтэ

Емельян Ярославскай аатынан түмэлгэ Аан дойдутааҕы түмэл күнүгэр анаммыт ''Түмэл түүнэ'' тэрээһиҥҥэ элбэх интэриэһинэй экскурсиялар,…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Нам улууһун сорох нэһилиэктэригэр уу таһыма үрдүк

Өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар халаан туругун ыам ыйын 18 күнүгэр ыксаллаах балаһыанньаны  сэрэтиигэ уонна туоратыыга хамыыһыйа мунньаҕар…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Нам улууһун Хатырык нэһилиэгэр балаһыанньа билигин да уустук

Халаан уутуттан эмсэҕэлиир нэһилиэктэр ахсааннарыгар урут хаһан да киирбэтэх Хатырык  нэһилиэгэ улахан ууга ылларан, олохтоохтору…

10 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Нам улууһугар «Библионочь-2024» Дьиэ кэргэн сылыгар ананна

Ыам ыйын 17 күнүгэр Нам улууһугар «Библионочь-2024» Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылын чэрчитинэн…

11 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Аммаҕа «Сэдэх экспонаттар» быыстапка буолла

Бүгүн, ыам ыйын 18 күнүгэр, Аан дойду үрдүнэн Түмэл күнэ бэлиэтэнэр. Бу күнү көрсө Амматааҕы…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Эми хайдах иһиллэр туһунан ыйыыга-кэрдиигэ болҕомтоҕун төһө уураҕын?

Эми-тому атыылаһан баран, аны хайдах иһэр туһунан ыйыыны-кэрдиини (инструкцияны) төһө билсэбитий? «Күҥҥэ үстэ биир табылыакканы…

12 часов ago