Саха сиригэр кэнники сылларга 274 эбийиэк тутуллан үлэҕэ киирдэ
Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит национальнай бырайыактара өрөспүүбүлүкэҕэ саҥа балыыһалар, оскуолалар, култуура уонна успуорт эбийиэктэрэ тутуллан үлэҕэ киирэллэригэр эрэллээх тирэҕинэн буоллулар.
Саха сирэ Уһук Илин уокурукка национальнай бырайыактары олоххо киллэрэргэ инники күөҥҥэ сылдьар уонна рейтиҥҥэ 12 иһигэр киирэр. Ол курдук, национальнай бырайыактары олоххо киллэриигэ өрөспүүбүлүкэтээҕи да, федеральнай бүддьүөттэн да үбүлээһин сыл аайы үрдүүр.
Кэнники сылларга тыа сиригэр оскуолалар, оҕо уһуйааннара, балыыһа комплекстара, успуорт уо.д.а. эбийиэктэрэ хото тутуллаллар. Бу өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар, нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбата тупсарыгар туһуламмыт дьоһун бырайыактар.
Саха сиригэр ааспыт биэс сылга 274 социальнай инфраструктура эбийиэгэ тутуллан үлэҕэ киирдэ. 50 оскуола, 32 оҕо уһуйаана уонна 60-тан тахса мэдиссиинэ саҥа эбийиэгэ тутулунна. Национальнай бырайыак чэрчитинэн сылынан төһө эбийиэк үлэҕэ киирбитин тэҥнээн көрөр буоллахха маннык: 2019 с. – 59, 2020 с. – 44, 2021 с. – 47, 2022 с. – 64, 2023 с. – 57.
Оттон ааспыт сылларга саамай элбэх доруобуйа харыстабылын уонна үөрэх эбийиэктэрэ тутуллубуттар. Ол курдук, национальнай бырайыагынан араас бүддьүөттэн үбүлэнэн тутуллубуттар: үөрэхтээһиҥҥэ – 2019 с. – 7, 2020 с. – 9, 2021 с. – 10, 2022 с. – 11, 2023 с. – 13; доруобуйа харыстабылыгар – 2019 с. – 10, 2020 с. – 17, 2021 с. – 10, 2022 с. – 25,
2023 с. – 20.
Кэнники сылларга, ол иһигэр быйыл «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы оонньууларынан сибээстээн сүрүннээн успуорт эбийиэктэрэ тутулуннулар, саҥардылыннылар. Оттон доруобуйа харыстабылын Кардиология уонна Онкология киинин курдук, бөдөҥ эбийиэктэр Уһук Илиҥҥэ тэҥнээхтэрэ суохтар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: