Салгыы
Саха сиригэр «Кыайыы диктана» 739 былаһааккаҕа ыытылынна

Саха сиригэр «Кыайыы диктана» 739 былаһааккаҕа ыытылынна

28.04.2023, 13:51
Хаартыска «Биир ньыгыл Арассыыйа» пресс-сулууспатыттан
Бөлөххө киир:

Бэһис, үбүлүөйдээх «Кыайыы диктана» өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар буолан ааста. Диктаны 739 былаһааккаҕа ыыттылар, бу былырыыҥҥытааҕар элбэх. Ааспыт сылга 725 сиргэ барбыта. Ол туһунан «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

«Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа көҕүлээн ыытар «Кыайыы диктана» быйыл Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүгэр түбэстэ. Ол иһин нэһилиэнньэ бастаан өрөспүүбүлүкэни төрүттээбит чулуу дьоммут пааматынньыктарыгар сибэкки дьөрбөтүн уурууга кытынна, ол кэннэ диктант суруйда.

Быйыл киһи кэрэхсиирэ баар, патриотическай акцияҕа өрөспүүбүлүкэ үгүс оскуолалара, ону таһынан орто анал уонна үрдүк үөрэҕин тэрилтэлэрэ кытыннылар. Итини таһынан диктаны быйыл 44 сабыылаах былаһааккаҕа ыыттылар.

«Историческая память» баартыйа бырайыагын сүрүннээччитэ Елена Голомарева бэлиэтээбитинэн, биһиги өрөспүүбүлүкэбит үһүс сылын утуу-субуу диктаҥҥа кыттааччытын ахсаанынан, Уһук Илин эрэгийиэҥҥэ бастакы миэстэни ылбыта. Сүрүннээччи быйыл даҕаны үчүгэй көрдөрүүнү ситиһэргэ эрэнэрин этэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 сентября
  • 7°C
  • Ощущается: 4°Влажность: 76% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: