Саха сиригэр мэдиссиинэ бастакы микробиологтара баар буоллулар
Мэдиссиинэ микробиологията – 2021 сыллаахтан баар буолбут саҥа килиниичэскэй идэ. Бу идэ микробиология диагностикатын түөрт хайысхатын (бактериологияны, вирусологияны, микологияына уонна паразиатологияны) хабар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Доруобуйатын харыстабылын штаты таһынан кылаабынай исписэлииһэ, Мэдиссиинэ инстититун гистологияҕа уонна микробиологияҕа кафедратын доцена Яна Ахременко иһитиннэрбитинэн, аныгы усулуобуйаҕа микробиолог – анаалыстары үөрэтэр быраас эрэ буолбатах, кини ыарыыны көбүтээччилэри, инфекциялар патогенезтарын билэр, үөрэтэр исписэлиис.
“Мэдиссиинэ микробиологтарыгар наадыйыы баар буолбута ыраатта, оттон пандемия ону түргэтэттэ. Билигин хас биирдии микробиология лабораторията микробиологтардаах буолуоҕа, ол эбэтэр микробиология диагностиката Саха сиригэр үрдүк таһымаҥа тахсыаҕа, — диэтэ Яна Ахрөменко.
Билигин үөрэх бырагыраамалара уонна нуорма докумуоннара оҥоһуллаллар. 2027 сылга диэри тустаах лабораторияларга үлэлиир, таһымнарын үрдэтиэхтэрин баҕарар исписэлиистэр мэдиссиинэ микробиологтарынан буолуохтаахтар. Онон сибээстээн, Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет мэдиссиинэҕэ институтугар идэҕэ хос бэлэмнээһин уонна аккредитация сылга иккитэ ыытыллар буолуоҕа. 2025 сылтан мэдиссиинэ микробиологтарын ординатураҕа сүүмэрдээһин саҕаланыаҕыа.
Ити курдук, өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы мэдиссиинэ микробиологтара кимнээҕий?
Бактериология лабораторияларын сэбиэдиссэйдэрэ: Виктория Светлолобова (Мииринэйдээҕи Киин балыыһата) Ангелина Прокопьева (Амма Оройуоннааҕы киин балыыһата), Луизия Гаврильева (Дьокуускайдааҕы килиниичэскэй балыыһа бактериолог-бырааһа); килиниичэскэй лаборатория диагностикатын исписэлиистэрэ: Александра Сергеева (Сунтаар Оройуоннааҕы киин балыыһата), Сардаана Седалищева (Уус Маайа Оройуоннааҕы киин балыыһата), Кирилл Комзин уонна Александр Поротов (ХИФУ килииникэтэ).
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: