Саха сиригэр оҕолоох ыалы өйүүр дьаһаллары ааҕыы калькулятора биир бастыҥынан буолла

Share

Ааспыт сыл түмүгүнэн, СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ уонна Элбэх функциялаах киин (МФЦ)  бииргэ оҥорбут «Оҕолоох ыалы өйүүр дьаһаллар калькулятордара» бырайыага РФ цифровой сайдыытын министиэристибэтин сыанабылынан эрэгийиэннэр бастыҥ бырайыактарын ахсааныгар киирдэ.

Калькулятор 2022 сыл балаҕан ыйыгар Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан оҥоһуллан, судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥө эрэгийиэннээҕи порталыгар e-yakutia.ru үлэлиир.
Бу сервис нөҥүө социальнай өйөбүл 22 көрүҥүнэн, электроннай өҥөнү уонна төлөбүрдэри, босуобуйалары билиҥҥи кэмнээҕи кээмэйдэрин ыйан туран ааҕар кыаҕы биэрэр.
Ол курдук социальнай калькуляторынан ыйытыыларга хоруйдаан уонна дохуоту ааҕыынан сирдэтэн ханнык социальнай өйөбүл миэрэтин ылары быһаарыахха сөп
Бэлиэтээн этэххэ, төлөбүрү ааҕыыга араас кэмнээҕи дохуот учуоттаныан сөп – ыйдарынан ханнык кэмнээҕини сөпкө быһаарар инниттэн аттыгар көмө иһитиннэрии баар. Ыйытыыларга эппиэттээбит уонна информацияны укпут кэнниттэн калькулятор төлөбүр сөптөөх кээмэйин быһа холоон ааҕан биэрэр.
Калькулятор ааҕыыта быһа холоон уонна билиһиннэрии курдук буолар. Бу сервис нөҥүө өҥөнү ыларга докумуону ыытыахха сөп. Электроннай сервиһинэн маннык сигэнэн киирэн туһаныахха сөп: https://e-yakutia.ru/#/shortCard/1400000000001488800.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Олоҥхолооһун уонна олоҥхоһут

М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Олоҥхо института биэс туомнаах Олоҥхо энциклопедиятын бэлэмнээн таһаарыыга үлэтин саҕалаата. Маҥнайгы…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

Амма оҕолоро 12 киилэ хаппаҕы хомуйдулар

Амматааҕы коррекционнай оскуола үөрэнээччилэрэ "Амма айылҕатын харыстыыбыт" аахсыйа иитинэн 12 киилэ хаппаҕы хомуйдулар диэн "Экология…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Түмэллэргэ Дьоруойдар тустарынан

Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойдарын ааттарын сүгэр түмэллэр Томпо улууһугар Кириэс Халдьаайыга уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Баатараҕа…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ньурбаҕа минньигэс дьөрбөнү үүннэрэр кыыс

Бэйэ дьыалатын тэриниэн баҕалаахтарга социальнай хантараак өҥөтө баар. Бу өҥөнөн туһанан улуустарга, куораттарга дьон бэйэ…

6 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

ВИДЕО: Таатта байыаһа Новокалиновоны штурмалааһын туһунан кэпсээтэ

"Лавина" батальон байыаһа "Якут" диэн позывнойдаах саха уола Новокалиновоны босхолооһуҥҥа кыттыбыт. Кини бу туһунан Семен…

7 часов ago
  • Сонуннар

Наталия Захарова: “Оҕолорбутунан киэн туттар түгэммит үгүс…”

Ил Дархан Айсен Николаев Этиитигэр оҕо дьиэ кэргэн тапталын билэ улаатарын туһугар оҕо ииттэ ылар…

7 часов ago