Саха сиригэр «Прожектор» креативнай лаборатория үлэлиир
«Волонтеры культуры» Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаннай хамсааһын «Прожектор» диэн креативнай лабораторияны үлэлэтэр. Саха сирэ бу бырайыакка кыттар былаһаакка быһыытынан талыллыбыта. Бырайыагы «Движение первых» уопсастыбаннай-судаарыстыбаннай хамсааһын гранынан үлэлэтэллэр.
«Прожектор» бырайыак оҕолорго култуураҕа, төрөөбүт дойдутун устуоруйатыгар интэриэһи көбүтэр сыаллаах.
Бу бырайыак чэрчитинэн, дойду үрдүнэн 30 оскуолаҕа көмө оҥоһуллуоҕа. Оскуолалар мусуой тэрийиэхтээхтэр, манна судаарыстыбаннай мусуойдар үлэһиттэрэ настаабынньык быһыытынан көмөлөһүөхтээхтэр.
Ярославскай аатынан Саха судаарыстыбаннай мусуойа уонна Дьокуускайдааҕы 38 №-дээх орто оскуола бу бырайыак чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастакынан оскуола мусуойун тэрийиэхтэрэ. Оскуола мусуойун тэрийэргэ анаан 100 тыһыынча солкуобай көрүлүннэ.
Ааспыт сыл балаҕан ыйыгар федеральнай эспиэрдэр кэлэн, мусуой үлэһиттэрин уонна оҕолору, учууталлары кытта үлэлээбиттэрэ. Кинилэр култуура волонтердара диэн кимнээхтэрин кэпсээбиттэрэ, сүбэлээн-амалаан биэрбиттэрэ. Мусуойдар волонтерскай бырагыраамалары тэрийэн, оҕолору кыттыһыннаран, үлэлииллэр.
Билигин бу бырайыак чэрчитинэн, 38 №-дээх оскуолаҕа дьоҕус мусуой тэрилиннэ.
Санатан эттэххэ, Владимир Путин көҕүлээбит «Култуура» национальнай бырайыага 2019 сылтан саҕаламмыта. Бу кэм иһигэр Саха сиригэр култуура 45 эбийиэгэ тутулунна. 139 кулууп материальнай-тиэхиньиичэскэй баазата саҥардылынна. Култуура 19 тэрилтэлэригэр хапытаалынай өрөмүөн ыытылынна, 14 модельнай библиотека тэрилиннэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: