Саха сиригэр сыл саҕаланыаҕыттан 96 тыһыынча оҕоҕо босуобуйа ананна

Share

2024 сыл саҕаланыаҕыттан 96 289 оҕо төрөппүтүгэр уонна  2762 хат дьахтарга биир кэлим босуобуйа ананна. Бу туһунан брифиҥҥэ РФ Социальнай пуондатын Саха сиринээҕи салаатын управляющайа Марина Герман иһитиннэрдэ.

Босуобуйаны 17 диэри саастаах оҕолоох ыаллар уонна 12 нэдиэлэлэригэр диэри дьахтар консультациятыгар учуокка турбут хат дьахталлар ылыахтарын сөп. Босуобуйа кээмэйэ дьиэ кэргэн дохуотуттан тутулуктаах уонна оҕоҕо уонна үлэлиир улахан киһиэхэ эрэгийиэннээҕи тиийинэн олоруу алын кээмэйин 50%, 75% эбэтэр 100% тэҥнэһэр.

17 диэри саастаах оҕолорго бастакы зонаҕа (хотугу оройуоннар) 14879 солкуобайтан 29758 солк. диэри тэҥнэһэр. Иккис зонаҕа (хотулартан уратыларга) босуобуйа кээмэйэ 12462 солкуобайтан 24952 солкуобайга диэри халбаҥныыр.

Хат дьахтар босуобуйатын кээмэйэ дьиэ кэргэнин дохуотуттан тутулуктаах. Бастакы зонаҕа 13923 солкуобайтан 27847 солкуобайга диэри, иккис зонаҕа 11662 солкуобайтан 23325 солкуобайга диэри.

“Бэс ыйын 1 күнүттэн биир кэлим босуобуйаны аныырга алимены учуоттааһын бэрээдэгэ уларыйда. Суут анаабыт алименнарыгар төһөнү дьиҥнээхтик ылбыта учуоттанар. Төрөппүттэр сөбүлэһиилэринэн алименнарга босуобуйаҕа сайабылыанньа сууматыттан ылыллар, ол эрээри Дьиэ кэргэн кодексыгар көрүллүбүт мэктиэлээһиннэртэн намыһаҕа суох. Биир оҕоҕо бу МРОТ ¼ (4810,5 солкуобай), икки оҕоҕо – 1/3 (6414 солкуобай), оттон үс уонна онтон элбэххэ – ½ (9621 солкоубай)”, — диэтэ Марина Герман.

Ону тэҥэ босуобуйаны аныырга учуоттаммат дохуоттар кэрискэлэрэ кэҥээтэ. Онно эпиэкэлэнэр оҕолор счеттарыгар бырыһыаннар, “Дьоруой ийэ” аакка төлөбүр, “Төрөппүт албан аата” уордьан эбэтэр мэтээл иһин, ону тэҥэ үөрэнэр кэмнэригэр 18 саастарыгар диэри үлэлээбиттэриттэн дохуоттара, өскөтүн кинилэр бэйэ дьарыктаах буолбатахтарына.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Саха Саарына Сааба»

Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүппүт дьон көһүннүлэр

Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  икки киһи сүппүтүн туһунан суһал  иһитиннэрии…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Георгий Олесов: “Хас биирдии быһахха алгыспын иҥэрэбин…”

Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…

7 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Рахманинов саалатыгар муусука көмүс дорҕооно кутулунна

Сэтинньи 19-23  күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…

8 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Айталыны саҥа кинигэтинэн эҕэрдэлээтилэр

Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арахсыы сүрүн төрүөттэрэ тугуй?

Былыр-былыргыттан  сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…

10 часов ago