Салгыы
Саха сиригэр үс уонна онтон элбэх оҕолоох ыаллар мөлүйүөнтэн тахса харчыны ылыахтарын сөп

Саха сиригэр үс уонна онтон элбэх оҕолоох ыаллар мөлүйүөнтэн тахса харчыны ылыахтарын сөп

Ааптар:
18.06.2024, 11:00
Хаартыска СӨ Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспатыттан
Бөлөххө киир:

Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйөөһүҥҥэ ананар федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи төлөбүрдэр уопсай суумата мөлүйүөнтэн тахса солкуобай харчы буолуон сөп.

Бу төлөбүрдэр ахсааныгар үһүс оҕоҕо өрөспүүбүлүкэтээҕи «Дьиэ кэргэн» ийэ хапытаала (300 тыһ. солк.), 2022 сылтан 2027 сылга диэри төрөөбүт оҕолорго «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал, элбэх оҕолоох ыалга учаастак оннугар бэриллэр биир кэмнээх төлөбүр (200 тыһ. солк.) уонна үһүс эбэтэр онтон кэлин төрөөбүттэргэ биир кэмнээх федеральнай төлөбүр (450 тыһ. солк.) киирэллэр.

Бары хапытааллар сууматын эбэн аахтахха мөлүйүөн солкуобайтан тахса харчы буолар. Ол курдук ити сууманы барытын ипотека кирэдьиитин төлөөһүҥҥэ, ону кытта олорор усулуобуйаны тупсарыыга туһаныахха сөп.

Санатан эттэххэ, Владимир Путин дойдуга 2024 сылы Дьиэ кэргэн сылынан биллэрбитэ. Судаарыстыба баһылыга дойду үрдүнэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн ыстаатыһын олохтообута.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
7 июля
  • 25°C
  • Ощущается: 24°Влажность: 33% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: