Саха сирин 300-чэ олохтооҕо ГТО туйгуна бэлиэни тутта
Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр Дьокуускай куорат Кыайыы болуоссатыгар «Готов к труду и обороне» (ГТО) Бүтүн Арассыыйатааҕа физкултуура-успуорт комплексын ураты бэлиэтин бастыҥ көрдөрүүлээхтэргэ туттардылар. Ол туһунан СӨ физическэй култуура уонна маассабай успуорт салалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ СӨ физическэй култууратын уонна успуордун миниистирэ, дьокутааттар, өрөспүүбүлүкэ министиэристибэлэрин, биэдэмэстибэлэрин, онтон да атын тэрилтэлэрин бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.
«Бүгүҥҥү өрөгөйдөөх күҥҥэ ГТО ураты бэлиэтин маннык үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарарбыт, эһиги бастыҥтан-бастыҥ буоларга дьулуһаргытын бэлиэтиир. Эһиги олоххутугар тургутууну туоруурга куруутун бэлэм уонна олоххо көхтөөх буолуҥ», — диэн Леонид Спиридонов эттэ.
Бу күн ГТО кыһыл көмүс, үрүҥ көмүс уонна боруонса түөскэ кэтэр ураты бэлиэлэрин 300-чэ киһиэхэ туттардылар. Кыттааччылар уон үс эрээтинэн сэлэлии турдулар, кинилэри хас биирдиилэрин ыҥыран, бэлиэлэрин түөстэригэр ииллилэр, инники өттүгэр ситиһиилэри баҕардылар, Өрөспүүбүлүкэ күнүнэн эҕэрдэлээтилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: