Саха сирин 300-чэ олохтооҕо ГТО туйгуна бэлиэни тутта

Share

Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр Дьокуускай куорат Кыайыы болуоссатыгар «Готов к труду и обороне» (ГТО) Бүтүн Арассыыйатааҕа физкултуура-успуорт комплексын ураты бэлиэтин бастыҥ көрдөрүүлээхтэргэ туттардылар. Ол туһунан СӨ физическэй култуура уонна маассабай успуорт салалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ СӨ физическэй култууратын уонна успуордун миниистирэ, дьокутааттар, өрөспүүбүлүкэ министиэристибэлэрин, биэдэмэстибэлэрин, онтон да атын тэрилтэлэрин бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.

«Бүгүҥҥү өрөгөйдөөх күҥҥэ ГТО ураты бэлиэтин маннык үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарарбыт, эһиги бастыҥтан-бастыҥ буоларга дьулуһаргытын бэлиэтиир. Эһиги олоххутугар тургутууну туоруурга куруутун бэлэм уонна олоххо көхтөөх буолуҥ», — диэн Леонид Спиридонов эттэ.

Бу күн ГТО кыһыл көмүс, үрүҥ көмүс уонна боруонса түөскэ кэтэр ураты бэлиэлэрин 300-чэ киһиэхэ туттардылар. Кыттааччылар уон үс эрээтинэн сэлэлии турдулар, кинилэри хас биирдиилэрин ыҥыран,  бэлиэлэрин түөстэригэр ииллилэр, инники өттүгэр ситиһиилэри баҕардылар, Өрөспүүбүлүкэ күнүнэн эҕэрдэлээтилэр.

Хаартыска Физическэй култуура уонна маассабай успуорт салалтатын пресс-сулууспатыттан
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Аллараа Бэстээххэ култуура киинин тутууну түргэтэтэргэ соруйда

Култуура киинэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Аллараа Бэстээххэ тутулла турар. Үлэ хаамыытын Саха сирин бастакы вице-премьерэ…

24 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Үп министиэристибэтэ түмэл пуондатыгар эспэнээттэри туттарда

СӨ үбүн министиэристибэтэ  "Арассыыйа - мин историям" түмэлин пуондатыгар  байыаннай дьайыы эспэнээттэрин туттарда. Манна байыаннай…

49 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мэҥэ Хаҥаласка хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамата 3,6 тыһ.киһини хабыаҕа

Бүгүн Саха сирин бастакы вице премьерэ Дмитрий Садовников Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар "Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ"…

1 час ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүбэһит: Дьиэни ыраастааһын ньымалара

Киһиэхэ иэримэ дьиэтэ, сылаас уйата саамай хаххата, олоҕун биир сүрүн сорҕото буолар. Хас биирдии дьиэ…

1 час ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйаҥныырга – биир бөрөнү

Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар быйыл бөрөлөр биллэн эрэллэр. Бу адьырҕалар кэтэх хаһаайыстыбалар сылгыларын үрүө-тараа…

2 часа ago
  • Интервью
  • Култуура
  • Сонуннар

“Щепкиннэр”  кэккэлэрин хаҥаппыт Петр Домотов

... Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка,  күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри…

2 часа ago