Хаартыска: СИА.
Саха сиригэр ыам ыйыгар 890 оҕо төрөөбүт. Кинилэр бары “Үйэ оҕолоро” тус сыаллаах хапытаалы ылыахтара.
Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ бу сылга үктэнэн баран 5 678 ыал “Үйэ оҕолоро” хапытаалы ылбыт.
Бу Өрөспүүбүлүкэ 100 сылыгар олохтоммут өйөбүл миэрэ Ил Дархан Айсен Николаев быһаарыытынан 2027 сылга диэри уһатыллыбыта. Хапытаал хаһыс оҕо төрөөбүтүттэн, дьиэ кэргэн дохуотуттан тутулуга суох 2022 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 2027 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри төрөөбүт эбэтэр иитэ ылыллыбыт оҕолорго барыларыгар бэриллэр.
Быйыл тус сыаллаах хапытаал индексацияланан кээмэйэ 116 756 солк. тэҥнэһэр.
2025 сыл бэс ыйын 2 күнүнээҕи туругунан, 43 502 сайаапка биэрбит киһи “Үйэ оҕолоро” хапытаалынан көрүллүбүт харчынан туһаммыт.
Ордук киэҥник туһаныллар хайысханан “Үйэ оҕолоро” хапытаал сууматын суотугар биир кэмнээх төлөбүрү туһаныы (729 мөл. 615 тыһ. солк. суумалаах 25 180 сайабылыанньа), олорор усулуобуйаны тупсарыы (1 млрд. 73 мөл. солк. суумалаах 13 989 сайабылыанньа) уонна тыыраныспары атыылаһыы (329 мөл. 366 тыһ. солк. суумалаах 3 691 сайабылыанньа) буолар. 116 ыал “Үйэ оҕолоро” хапытаалы оҕо аатыгар бааҥҥа уурунуу арыйтаран ыыппыт, 307 ыал – оҕо үөрэҕи ыларыгар, 96 ыал – кэтэх хаһаайыстыбаны тэриниигэ, ол иһигэр тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин атыылаһарга, 55 ыал – оҕоҕо мэдиссиинэ үрдүк технологическай көмөтүн ылыыга уонна санаторнай-курортнай эмтэтиигэ, 46 ыал – дойду иһигэр дьиэ кэргэнинэн сынньаныыга, 19 ыал – олорор дьиэни гаастааһыҥҥа уонна 3 ыал – оҕо олоҕун, доруобуйатын страховкатыгар.
Бу туһунан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата суруйар.
Дьиэни эбэтэр кыбартыыраны өрөмүөн кэнниттэн дьиҥнээх оранжереяҕа кубулутан, хойуу сибэккилээх үүнээйинэн киэргэтэр кыах идэтийбит флористарга…
Бүгүҥҥү күн туругунан өрөспүүбүлүкэҕэ “Мэдиссиинэ көмөлөһөөччүтүн” нөҥүө 11 194 киһи быраастарга суруйтарбыт, ол онтон 4646-та…
Ахсынньыга режиссер, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ Сергей Потапов 50 сааһа туоларынан, бэстибээл саҕаланна. Бүгүн, ахсынньы…
Бастатан туран, сэртипикээт хаһаайына Арассыыйа Социальнай пуондатын порталыгар эбэтэр кини филиалыгар баар тус кэбиниэтин нөҥүө…
Бултуулларын сөбүлүүр дьоҥҥо, булчуттарга маннык бэртээхэй сүбэ баар. Бастатан, айылҕатын быһыытынан тыһы ыт ордук булчут…
Дьокуускай куорат дьаһалтата элбэх оҕолоох ыалларга уонна байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар сир учаастактарын салгыы биэрэр диэн…