Бэҕэһээ, алтынньы 19 күнүгэр, саха артыыстара Хабаровскай кыраайга уопсай байыаннай полигоҥҥа кэнсиэртээтилэр. Бу Илиҥҥи байыаннай чаастарынан гостуруоллуур бырагыраама бастакы пууна. Салгыы артыыстары Биробиджаҥҥа, Уссурийскайга уонна Сергеевка дэриэбинэтигэр, Владивостокка күүтэллэр.
Саха сирин араас муннуктарыттан дойдуларын көмүскүү кэлбит эр дьон артыыстар хас биирдии нүөмэрдэрин болҕомтолоохтук көрдүлэр. Кэнсиэри сахалар эрэ буолбакка, нуучча сулууспалааччылара эмиэ бэркэ сэҥээрэн көрбүттэр. «Биһиги манна омугунан арахсыбаппыт, бары биирбит», — диэн полигоҥҥа этэллэр. Ону сэргэ бу күн ыраастаныы сиэрэ-туома, алгыс тыла этиллибит. Саха эстрадатын артыыстара бэлиэтииллэринэн, кэнсиэртиир чэпчэкитэ суохтук бэриллэр эбит.
«Иккис кэнсиэрбитин син чэпчэкитик көрдөрдүбүт. Байыаннай эпэрээссийэҕэ барар биир дойдулаахтарбыт сэриигэ баралларын билэр буоламмыт, кинилэргэ кэнсиэртиир бастаан наһаа уустук этэ. Ол да буоллар кыратык эмэтик санааларын көтөхтүбүт быһыылаах диэн санааҕа кэллибит», — диир Анастасия Готовцева. Кэнсиэр бүтүүтэ биир дойдулаахтар бары тоҥолохтон тутуһан оһуокайдаатылар.
Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…
“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…