Саха сирин быраастара Кировскайга үлэлииллэр

Share

Саха сирин быраастара ДНӨ Кировскай куоратын олохтоохторун доруобуйаларын туругун көрөллөр-истэллэр. Кировскайга кардиолог быраас Филипп Харлампьев уонна УЗИ бырааһа Николай Стручков бааллар.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2-с №-дээх балыыһа быраастара Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун доруобуйаларын көрө-истэ барбыттара диэн тэрилтэ пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Билигин онно кардиолог быраас Филипп Харлампьев уонна УЗИ бырааһа Николай Стручков бааллар.

«Нэһилиэнньэни сарсыарда аҕыстан киэһэ алтаҕа диэри көрөбүт. Итиэннэ байыаннай сулууспалаахтары, эчэйбиттэри, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын эмиэ эмтиибит. Олохтоохтор олус истиҥнэр, онон үлэлииргэ судургу», — диир Филипп Андреевич.

Саха сирин исписэлиистэрэ Кировскайдааҕы балыыһа кардиологтарыгар маастар-кылаастары ыыттылар, сүбэ-ама биэрдилэр.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи харах балыыһатын сүрүн бырааһа Иван Луцкан салалталаах Саха сирин быраастарын дэлэгээссийэтэ Донецкайга ааспыт нэдиэлэттэн үлэлиир.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

sakha-sire.ru саайты ааҕар дьон ахсаана улаатта

2022 сыллаахха  "Саха сирэ" хаһыат  sakha-sire.ru саайта үлэтин саҕалаабыта. Онон "Саха сирэ" эрэдээксийэтэ билигин хаһыат…

7 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Чокуурдаах олохтооҕо балтын илиитин ытырбытын иһин бириигэбэрдэннэ

Чокуурдаах олохтооҕо итирик туруктаах сылдьан иирсээн кэмигэр балтын ытырбытын иһин 120 чаас булгуччулаах үлэҕэ бириигэбэрдэннэ.…

8 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

От ыйын 1 күнүттэн ханнык сокуоннар олоххо киирэллэрий?

2025 сыл от ыйыттан Арассыыйаҕа үп-харчы эйгэтин, административнай быраабы, табаары маркировкалааһын быраабылаларын таарыйар саҥа сокуоннар…

38 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Олоҥхо ыһыаҕын ыалдьыттарын сарсыҥҥыттан көрсүөхтэрэ

От ыйын 4-5 күннэригэр Нерюнгри оройуонугар 18-с төгүлүн ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕа буолуоҕа. Ыалдьыттары от ыйын…

45 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр соҕотох умайа турар ойуур баһаарын умуллардылар

Ааспыт сууккаҕа Ленскэй оройуоҥҥа 3 га иэннээх ойуур баһаара көһүннэ. Бу туһунан брифинг кэмигэр СӨ…

56 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Горнайга баһаарга биэнсийэлээх дьахтар эмсэҕэлээбит

Баһаарга дьиэ кырыыһата уонна гараас уопсайа 112 кв.м. иэнэ уокка былдьаммыт. Горнай улууһун Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтигэр…

1 час ago