Саха сирин эмчиттэрэ байыаннай быраастарга көмөлөһөллөр
Саха сириттэн быраастар Доннааҕы Ростов госпиталыгар тиийэн, байыаннай быраастарга көмөлөһөллөр, байыастары көрөллөр-истэллэр.
Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан кэллиэгэлэригэр — байыаннай быраастарга көмөлөһө барбыт Саха сирин быраастара, Доннааҕы Ростовка РФ Оборонаҕа министиэристибэтин 1602-с байыаннай килиниичэскэй госпиталга үлэлэрин салгыыллар. Госпиталга үлэлэрин туһунан психиатр-быраас, өрөспүүбүлүкэтээҕи психоневрологическай диспансер кылаабынай бырааһын э.т. Елена Мордосова кэпсиир.
— Мин Ростовка байыаннай килиниичэскэй госпиталга психиатрическай куорпуска үлэлиибин. Манна байыаннай-врачебнай эспэртиисэ боппуруостара быһаарыллаллар, кыайан утуйбакка эрэйдэнэр пациеннарга мэдиссиинэ көмөтө оҥоһуллар. Эмтэниини таһынан манна психотерапевтическай көмө оҥоһуллар. Кинилэри кытта байыаннай психологтар үлэлэһэллэр.
Саха сириттэн тиийбит быраастар биригээдэлэрэ сыһыарыллыбыт отделениеларыгар бэйэлэрин хайысхаларынан үлэлииллэр. Маны таһынан, байыаннай госпиталга эмсэҕэлээбиттэри көрөргө, докумуоннары толорорго үлэлииллэр, волонтердууллар.
Биһиги мобильнай биригээдэбит салайааччыта, 3 №-дээх Дьокуускай куорат балыыһатын кылаабынай бырааһа Светлана Давыдова эмсэҕэлээбиттэр киирэллэригэр хонугу эргиччи үлэлиир дьуһуурустубаны тэрийбитэ. Бу биһиги өрөспүүбүлүкэбититтэн байыастары көрдүүргэ ордук көдьүүстээх.
Саха сирин саллааттара гуманитарнай көмөнү ылаллар, быраастар сүбэ-ама биэрэллэр, психотерапевтическай көмө оҥоһуллар.
Саха сирин быраастара Ростовка байыаннай госпиталга биһиги саллааттарбытыгар тирэх буолаллар. Байыастарбыт дойдуларын өйөбүлүн билэллэр уонна өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар махтаналлар.
Санатан эттэххэ, Светлана Давыдова салайааччылаах быраастар мобильнай биригээдэлэрэ госпитальга тохсунньу 25 күнүттэн үлэлиир. Өрөспүүбүлүкэтээҕи 3 №-дээх килиниичэскэй балыыһа хирург-бырааһа Денис Григорьев гнойнай отделениеҕа үлэлиир; анестезиолог-реаниматолог быраас Александр Потапов – реанимацияҕа; хирург-быраас Анатолий Слепцов – уталыппакка көмөнү оҥорор хирургия отделениетыгар, ЯРПНД кылаабынай бырааһын солбуйааччы э.т. Елена Мордосова – госпиталга психоневрологическай отделениеҕа; Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа — суһал көмөнү оҥорор киин нейрохирургияҕа отделениетын медбрата Айсен Скрябин – сосудистай хирургия отделениетыгар үлэлии сылдьаллар. Кинилэр госпиталга үлэлэрин таһынан, эмсэҕэлээбит байыаннай сулууспалаахтары көрсөллөр, көмөлөһөллөр. Ростовка баар СӨ тирэх пуунун кытары хардарыта сибээһи ыкса туталлар.
СӨ Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: