Саха сирин фехтовальщиктара норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга кытталлар

Share

Владивостокка атырдьах ыйын 1-3 күннэригэр фехтованиеҕа «Тихоокеанский форпост» диэн норуоттар икки ардыларынааҕы турнир буола турар. Күрэхтэһии «Олимпиец» СК баазатыгар ыытыллар. 

Турнирга Арассыыйаттан уонна Кытайтан 200-тэн тахса кыттааччы кэлбит. Фехтовальщиктар үс көрүҥүнэн күрэхтэһэллэр: рапира, ыспаага уонна саабыла.

Дьокуускайтан «Вензель» кулууп 16 иитиллээччитэ кыттар. Кинилэри тириэньэр Ефросиния Николаевна Волынкинка илдьэ сылдьар.

Хаартыска: "Вензель" кулууптан.
Хаартыска: "Вензель" кулууптан.
Хаартыска: "Вензель" кулууптан.
Хаартыска: "Вензель" кулууптан.
Хаартыска: "Вензель" кулууптан.

Турнир бастакы күнүн түмүгүнэн оҕолор 1 кыһыл көмүс, 1 үрүҥ көмүс уонна 1 боруонса мэтээллээхтэр: бастакы миэстэ — Михаил Федоров (Дьокуускай куорат 2-с №-дээх оскуолатын үөрэнээччитэ), иккис миэстэ — Кирилл Волынкин (Дьокуускай куорат 9-с №-дээх оскуолатын үөрэнээччитэ), үһүс миэстэ — Дмитрий Черненко (Дьокуускай куорат 33-с №-дээх оскуолатын үөрэнээччитэ).

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago