Саха сирин икки үрдүк үөрэх кыһатыгар волонтер хамсааһынын сайыннарар киин арыллыаҕа

Share

“Добро.Центр” уопсастыбаннай сайдыы кииннэрэ АГИКИ уонна Чурапчытааҕы физическэй култуура уонна успуорт судаарыстыбаннай институтун баазатыгар тэриллиэхтэрэ.

Бу туһунан ыччат миниистирэ Петр Шамаев иһитиннэрдэ. “Саха сирин баһылыга Айсен Николаев ыччаты гражданственность, дойдумсах буолуу тыыныгар иитиини күүһүрдэр наадатын бэлиэтээбитэ. Быйыл Саха сирин үрдүк үөрэҕин икки кыһатыгар –  култуура уонна искусство Арктикатааҕы институтун уонна Чурапчытааҕы физическэй култуура уонна успуорт судаарыстыбаннай институтун баазаларыгар “Добро. Центр” уопсастыбаннай сайдыы кииннэрэ арыллыаҕа”, — диэтэ Петр Шамаев.

АГИКИ бастакы проректора – ыччат бэлиитикэтигэр проректора Станислав Иванов бэлиэтээбитинэн, социальнай франшиза туһунан лиссиэнсийэ дуогабара 2022 сыл ахсынньытыгар Арассыыйа волонтердарын киинин ассоциациятынан илии баттаммыт. “АГИКИ “Добро. Центр” сүрүн соругунан устудьуон саҥа көлүөнэ лиидэрдэрин иитии буолар. Киин култуура уонна креативнай индустрия эйгэтигэр тутаах буолуоҕа”, — диэн Станислав Иванов бэлиэтээтэ.

Аан бастаан “Добро. Центр” Мииринэй оройуонугар Удачнай куорат эбии үөрэхтээһиҥҥэ киинин баазатыгар арыллыбыта.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Ил Түмэн дьокутаата Гаврил Алексеев быыбардааччыларын кытта көрүстэ

Халыма-Индигиир уокуругар Ил Түмэн дьокутаата Гаврил Алексеев “Биир ньыгыл Арассыыйа” уопсастыбаннай приемнайыгар быыбардааччыларын кыһалҕаларын кытта…

8 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха тыйаатырын артыыстара кыттыылаах «Злой город» киинэ киэҥ экрааннарга тахсыаҕа

Тохсунньу 30 күнүттэн Арассыыйа бары киинэ тыйаатырдарыгар режиссер Константин Буслов "Злой город" диэн киинэтэ көстүөҕэ.…

8 часов ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Миниистирдэр “С чего начинается Родина?” ырыаны толордулар

Үөрэх, билим миниистирэ Нюргуна Соколова уонна Арассыыйа Дьоруойа, ыччат дьыалаларыгар, социальнай коммуникацияларга миниистир эбээһинэһин толорооччу…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

Ыйыт-хоруйдуубут: Уоту туһаныы кээмэйин диапазоннара

Бу күннэргэ биһиги ааҕааччыбыт уоту туһаныыга төлөбүр туһунан мунаахсыйан ыйытыы биэрбит. Ыйытыы: Уоту туһаныы тарыыбыгар…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Саха сиригэр ОРВИ-нан ыалдьыы нэдиэлэ иһигэр 36 % улаатта

37%-нын кириип, 35%-нын кириип буолбатах ыалдьыы, 28%-нын COVID-19 ылаллар. Саха сиригэр сытыы респираторнай вируснай инфекция…

9 часов ago
  • Интэриэһинэй

Дьыл Оҕуһун муоһа хаһан түһэрий?

Дьыл Оҕуһун муоһа хаһан түһэрий  диэн мөккүөр сыл аайы күөдьүйэр.  Оттон дьиҥнээҕэ хайдаҕый? Саха төрүт…

10 часов ago