Саха сирин кылаабынай хирура: «Эпэрээссийэлэр улам чэпчэки буолан иһэллэр»
Саха сиригэр искэҥ ыарыылаахтарга үрдүк технологиялаах көмө оҥоһуллар, видеоэндоскопическай тиэхиньикэни туһанан араас эпэрээссийэлэр ыытыллаллар.
«Эпэрээссийэлэр улам чэпчэки буолан иһэллэр – ыарыһахха кыра эчэйиилээх хирургическай эмтээһиннэри ыытыы кээмэйэ биллэрдик улаатар. Видеоэндоскопическай тиэхиньикэни туһаныы билигин түөс, дьахтар ууһуур уорганнарыгар уонна бүөр араактарыгар оҥоһуллаллар. Ол курдук, түөс уорганнарыгар бары эпэрээссийэлэр 82 %-нара быйыл торакоскопическай ньыманан оҥоһуллубуттара, оттон бүөр араагын эмтииргэ 90%-на лапароскопическай көрүҥүнэн ыытыллыбыттара. Ол аата, ыарыһахтар чөллөрүгэр түһэллэрэ түргэтиир», — диэн СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин кылаабынай хирура Василий Игнатьев «Якутия 24» ханаал «Актуальное интервью» биэриигэ быһа эпииргэ кэпсээтэ.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: