Салгыы
Саха сирин олохтооҕо Марина Бахилина Владимир Путины кытары көрүстэ

Саха сирин олохтооҕо Марина Бахилина Владимир Путины кытары көрүстэ

Ааптар:
26.11.2022, 09:34
Бөлөххө киир:
Бэҕэһээ, сэтинньи  25 күнүгэр, дойду Аҕа баһылыга  Владимир Путин анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар байыаннай сулууспалаахтар ийэлэрин кытары көрүстэ. Көрсүһүүгэ Саха сирин олохтооҕо  Марина Бахилина кытынна.
Үс уолу соҕотох улаатыннарбыт Маҕан олохтооҕо Марина Бахилина икки уола байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар. Үһүс уол бэбиэскэ күүтэрин туһунан бу ый саҥата биһиги хаһыаппыт кэрэспэдьиэнигэр Марина Константиновна  кэпсээбитэ. Улахан уола балаҕан ыйыгар мобилизацияламмыта. Орто уола байыаннай, ВДВ-га сулууспалыыр, байыаннай эпэрээссийэ саҕаланыаҕыттан сылдьар. Муус устарга «Эр санааланыы» уордьанынан наҕараадаламмыта.  Кини  улаханнык бааһыран, билигин байыаннай госпиталга  чөлүгэр түһэр эмтэниини ааһар.
Владимир Путин ийэлэри кытары көрсүһүү кэмигэр:  «Барыта дьиэ кэргэнтэн тутулуктаах.  Эһиги уолаттаргыт Аҕа дойдуну, төрөөбүт дойдуларын, Арассыыйаны  көмүскүү сылдьаллара — бу эмиэ эһиги үлэҕит  түмүгэ буолар.  Бу ким эрэ үөрэтиитин, ыйыытын-кэрдиитин түмүгүнэн буолбатах, бу тус холобурунан үлэ түмүгэ», — диэн бэлиэтээн  эттэ.

Бэрэсидьиэн дьиэ кэргэҥҥэ сыаннастар төрөппүт тус холобурунан ууруллалларын бэлиэтээн эттэ.  Иитии саамай сүрүн ньыматынан тус холобур буолар.  «Эһиги  үлэҕит түмүгэ — эһиги уолаттаргытыгар», — диэн Марина Бахилинаҕа туһаайан дойду баһылыга махтанан туран эттэ.

Марина Константиновна Дьокуускай куоракка «Берегиня» оҕо киинигэр үлэлиир.  Кини уопсастыбаннай үлэнэн  дьарыктанар,  «Масленица» куораттааҕы күрэхтэһии кыайыылааҕа, буулдьанан ытыы, хайыһар күрэхтэһиилэригэр өрүү кыттар.

«РФ Бэрэсидьиэнин кытары көрсүһүү кэмигэр байыаннай сулууспалаахтар чугас дьоннорун ааттарыттан Владимир Владимировичка, Ил Дархан  Айсен Сергеевич Николаевка анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарга уонна кинилэр чугас дьонноругар көмөлөрүн, өйөбүллэрин иһин махталбын тириэртим.  Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕынан, байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрэ үгүстэрэ  200 тыһ. солк. көмөнү ылбыттара. Мин бэйэм эчэйиини ылбыт уолбун кытары Москваҕа тиийэн госпиталга көрсөрбөр, бырайыаһым компенсациятын ылан туһаммытым.  Маны таһынан Саха сиригэр байыаннайдар дьиэ кэргэттэригэр көмөнү оҥорууга уонна уолаттарга баһыылкалары ыытыыга көмө тэриллибитин туһунан кэпсээтим», — диэн  Марина Бахилина  иһитиннэрдэ.

Марина Константиновна Владимир Путинтан байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар итии аһылыгынан хааччыйыы боппуруоһун бэрээдэктииргэ этии киллэрдэ.  «Хайаан да итии аһылыгынан хааччыллыахтаахтар. Владимир Владимировичка байыастарга дьиҥнээх туһаны аҕалыахпын баҕарабын диэн эттим. Мин идэбинэн асчыппын. Онон бэйэм баҕа өттүбүнэн  анараа тиийэн, бэйэбит байыастарбытын дьиэтээҕи сахалыы аһылыгынан аһатыахпын баҕарабын. Мин дипломмун саха аһыгар көмүскээбитим, аатырбыт Иннокентий Тарбаховка быраактыкабын ааспытым.  Бэрэсидьиэн мин боппуруоспунан хайаан да дьарыктаныам уонна төрөппүттэр этиилэрин барытын учуоттуохпут диэн эрэннэрдэ», — диэн Марина Бахилина кэпсээтэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -35°C
  • Ощущается: -42°Влажность: 68% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: