Саха сирин олохтоохторо Владимир Путиҥҥа тыа сиригэр каадыр боппуруоһугар сыһыаннаах этии киллэрбиттэр
Саха сирин олохтоохторо Владимир Путин уопсастыбаннай приемнай ыстаабар көхтөөхтүк суруйаллар.
Ол курдук үөрэх, ыччаты үлэнэн хааччыйыы эйгэтигэр этиилэри киллэрбиттэр. Саха сирин олохтоохторо орто анал үөрэхтээх ыччакка үрдүк үөрэх кыһатыгар киириини судургутутуу туһунан суруйбуттар. Билигин үрдүк үөрэх кыһатыгар орто анал үөрэх кэнниттэн киирэргэ БКЭ туттарыахха наада. Дьокуускай олохтооҕо орто анал үөрэх дипломун сыаналарын үрдүк үөрэххэ киирии эксээмэнигэр ааҕар туһунан этии киллэрбит. Маныаха майгынныыр этиилэр эмиэ бааллар. Үөрэҕи бүтэрбит ыччат үлэ буларыгар, урукку курдук улуустарга үлэҕэ анааһын туһунан этиини эмиэ көтөхпүттэр. Билигин улуустарга быраастар, учууталлар, зоотехниктар тиийбэттэр. 2017 сылтан «Олохтоох каадыры бырамыысыланнаска» диэн бырайыак үлэлиир. Эрэгийиэн былааһа олохтоох каадыры үлэҕэ киллэрэр туһуттан 45 бөдөҥ хампаанньаны кытта үлэлэһэр. Биэс сыл иһигэр Саха сирин 55 тыһыынча олохтооҕо бырайыак нөҥүө үлэҕэ киирбит. Бэлиэтээн суруйдахха, Владимир Путин уопсастыбаннай приемнайыгар волонтердар өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтиттэн накаастары ылан федеральнай таһымҥа тиэрдэллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: