Салгыы
Саха сирин суруйааччыта Чокуур аата үйэлэргэ умнуллубат

Саха сирин суруйааччыта Чокуур аата үйэлэргэ умнуллубат

22.09.2022, 17:27
Бөлөххө киир:

Соторутааҕыта Уус Маайа улууһугар Саха сирин суруйааччыта, улуус бочуоттаах олохтооҕо Андрей Илларионович Егоров-Чокуур төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах үбүлүөйдээх тэрээһиннэргэ кыттан кэллибит. Урут харахтаан көрө, икки атахпытынан үктэнэ илик сонун сирбит буолан, долгуйабыт, күммүт-дьылбыт, суолбут-ииспит да биһигини, саҥа дьону, тургутар курдук… Ол да буоллар, хараҥаны харахтанан өр айаннаан кэлбит дьону Уус Маайа ыалдьытымсах дьоно-сэргэтэ  үөрэ-көтө көрүстэ.

Балаҕан ыйын 7 күнүгэр улуус оскуолаларыгар суруйааччы олоҕор уонна айар үлэтигэр аналлаах онлайн-уруоктар ыытыллыбыттар. Улуус үөрэҕин тэрилтэлэригэр барытыгар бэйиэт-прозаик айымньыларынан “Мин кумааҕылаах харандааһы ыллым” диэн оҕо уруһуйун, “Аах. Толкуйдаа. Ай-тут” куонкурустара уонна “Бөрүөҕэ боруобаланыы” айар күрэх тэриллибиттэр. Онтон олохтоох ааптардарга Чокуур айымньыларынан эмиэ айар куонкурус биллэриллибит.

Балаҕан ыйын 9 күнүгэр СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэ­нэ, бэйиэт, Намнааҕы «Отуу уота» литература түмсүүтүн салайааччы Алексей Татаринов-Удьурҕайдыын Уус Маайа, Петропавловскай ос­­куолалар үөрэнээччилэрин кытары көрүстүбүт. Бу икки оскуола үөрэнээччилэрэ киэҥ-куоҥ, сырдыгынан сыдьаайар, аныгы технологиянан толору сэбилэммит оскуолаларга үөрэнэллэрин биһирии көрдүбүт.

Бэйиэт Дмитрий Апросимов аатынан түмэл соторутааҕыта Күп сэлиэнньэтиттэн улуус киинигэр көһөрүллүбүт. Биһигини манна сахалыы алаадьы­лаах кымыһынан, хомоҕой хоһоонунан эҕэрдэлии көрүстүлэр. Андрей Егоровка-Чокуурга аналлаах икки экспозиция туруоруллубут, сэтинньигэ өссө эбии саалалар аһыллыахтаахтар. Улуус кыраа­йы үөрэтэр түмэлигэр Уус Маайа былыргы устуоруйатыттан саҕалаан, улуус уратытын кэрэһилиир сэдэх экспонаттары билистибит.

1854 сыллаахха Айаантан Дьокуускайга диэри айаннаары Уус Маайа сиригэр-уотугар таарыйан ааспыт нуучча улуу суруйаач­чыта Иван Гончаровка анаммыт мэҥэ таас дохсун сүүрүктээх Алдан өрүс кытылыгар ууруллубутун долгуйа көрдүбүт.

Киэһэ Уус Маайатааҕы Култуура дьиэтигэр биир дойдулаах суруйааччыларыгар анал­лаах өйдөбүнньүк киэһэтэ буолла. Манна кэлбит дьон аан бас­таан үбүлүөйдээх суруйааччы туһунан видео-киинэни көрдүлэр. Тэрээһин үөрүүлээх чааһыгар өрөспүүбүлүкэ министиэристибэлэрин, улуус уонна олохтоох дьаһалталар наҕараадаларын үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардылар.

Суруйааччыга сүгүрүйэн

Суруйааччы олоҕун, айар үлэтин туһунан Андрей Илларионовиһы кытары биир кэмҥэ үлэлээбит Светлана Степановна Кривошеина, «Усть Майский вестник» хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ Евсей Семенович Лугинов, суруйааччы улахан кыыһа Амалия Андреевна Атласова билиһиннэрдилэр. Светлана Степановна Андрей Илларионович олохтоох ааптардары өйүүрүн, ол түмүгэр бэйэлэрин кэмнэригэр нуучча тылын учуутала Дария Афанасьева, эдэр бэйиэт Евсей Лугинов, Андрей Апросимов кинигэлэммиттэрин бэлиэтээтэ.

Суруйааччы улахан кыыһа Амалия АТЛАСОВА:

«Мин аҕабытын кытары бииргэ үлэлээбит дьоҥҥо ис сүрэхпиттэн махтанабын. Эбэҥки бэйиэтэ Дмитрий Апросимов аатынан литература мусуойа баар буоларын туруорсубут Евдокия Ивановна Трифонова, Людмила Иннокентьевна Васильева курдук уһулуччулаах дьахталларга сүгүрүйэбин.

Биһиги аҕабыт эппитин толорторор кытаанах киһи этэ. Кини дириэктэр, партком сэкиритээрин, тыа сирин сэбиэтин бэрэссэдээтэлин оҕолоро туохха барытыгар бастыҥтан бастыҥ буолуохтаахтар диэн иитэрэ. Ол иһин, мин оҕочоос бэйэм хаһан да оскуола дириэктэрэ буолуом суоҕа дии саныырым. Тоҕо диэтэххэ, наар «5 сыанаҕа үөрэнэр оҕо «Орленок» лааҕырга барар баҕа санаам туолбатаҕа…  Оскуола дириэктэрин  кыыһа буолбут «буруйбар»…

Биһиги аҕабыт ийэтэ Татьяна Николаевна Николаева элбэх суруйааччы тахсыбыт, айар та­­лааннаах дьонунан баай Күүкэй нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Аҕабыт олус күүстээх санаалаах киһи этэ, Чокуур диэн псевдонимы мээнэҕэ ылымматаҕа. Кини төһө да ирдэбиллээх учууталын иһин, дьиэтигэр нарын-намчы, эйэҕэс этэ. Ийэбитигэр истиҥ сыһыана, үйэлээх таптала биһигини билигин да долгутар. Төрөппүттэрбит уйаҕас тапталларын туһунан кэрэ да кэрэ кинигэни суруйбут киһи баар ини… Мин, улахан кыыһа буоларым быһыытынан, аҕабар ытык иэспин толордум дии саныыбын. Кини аатынан истипиэндьийэни быйыл 22-с, онтон ийэбит аатынан истипиэндьийэни 17-с төгүлүн туттарабыт», – диэн истэр эрэ киһи долгуйан хараҕа ууланыах ахтан-санаан ааста.

Анал истипиэндьийэлэр

Сотору кэминэн биир саамай долгутуулаах түгэн тосхойдо. Ол эбэтэр, сыл ахсын суруйааччы төрөөбүт күнүгэр Андрей Егоров-Чокуур аатынан анал истипиэндьийэ туттарыллар үтүө үгэһэ кэһиллибэт. Төрөөбүт ийэ тылбыт сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар туһааннаах үлэни күүскэ ыытар, төрүт култуурабыт сайдарыгар кэккэ ситиһиилэрдээх, үлэлэригэр бэриниилээх, улуус үтүө-мааны дьонугар бириэмийэни туттарар чиэс суруйааччы төрөппүт кыргыттарыгар Амалия, Валерия уонна Надежда Андреевналарга бэрилиннэ.

Чокуур аатынан бириэмийэ улуус хаһыатын кылаабынай эрэдээктэрэ, суруналыыс, суруйааччы Евсей Семенович Лугиновка, Николай Ананьевич Атласов аатынан Эдьээн орто оскуолатын саха тылын учуутала Ирина Макаровна Винокуроваҕа, Күп орто оскуолатын үөрэнээччитэ Карина Апросимоваҕа туттарылынна.

Ону таһынан, доруобуйа харыстабылын туйгуна, Уус Маайа оройуонун бочуоттаах гражданина, суруйааччы олоҕун аргыһа Варвара Филипповна Апросимова аатынан «Сырдык санаа» бириэмийэ быйыл 17-с сылын туттарылынна. Бу би­­риэмийэ олоххо актыыбынай көрүүлээх, сырдык ыра санаа­лаах, үтүө дьыаланы олоххо киллэрбит, төрөөбүт дойдуларын патриотугар туттарыллар аналлаах. Маннык дьоһуннаах би­­риэмийэнэн быйыл СӨ үтүөлээх учуутала, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, улахан буукубаттан суруллар учуутал, Чокуур оҕоҕо аналлаах кинигэлэрин тылбаасчыта, кини олоҕун сырдатааччы Дария Семеновна Васильева наҕараадаланна.

Саха сирин суруйааччыта Андрей Илларионович Егоров-Чокуур 100 сааһыгар анаммыт дьоро киэһэ Уус Маайа оскуолатын 2 «б» кылааһын (салайааччы Елена Владимировна Павлова) оҕолоро суруйааччы оҕолорго аналлаах айымньытынан туруорбут испэктээгинэн түмүктэннэ.

Сэбиэскэй сойуус Өрөгөйүн ырыатын тылбаастастаспыта

Андрей Егоров-Чокуур 1922 сыл балаҕан ыйын 8 күнүгэр Ньурба улууһун Маалыкай сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ. Кини өссө оскуола уонна устудьуон сылларыттан суруйан саҕалаан, хаһыаттарга бэчээттэнэн барбыта. Бииргэ үөрэнэр устудьуон доҕотторун кытары Сэбиэскэй сойуус бастакы Өрөгөй ырыатын сахалыыга тылбаастаан, биһирэбил бириэмийэнэн бэлиэтэммитэ. Педагогическай институту бүтэрэн баран, Усуйаана оройуоннарын Уйаандьы уонна Казачье оскуолаларыгар дириэктэрдээбитэ. Бу кэмҥэ Дьокуускайга мэдиссиинискэй училищены бүтэрэн кэлбит эдэркээн Варя Апросимованы көрсөн ыал буол­буттара. Уйаандьы сиригэр-уотугар кыргыттара Амалия, Валерия уонна Надежда күн сирин көрбүттэрэ. 1956 сыллаахха кинилэр Варвара Филипповна дойдутугар Уус Маайа оройуонугар көспүттэрэ. Манна Бриндакит, Петропавловскай, Эдьээн уонна Күп оскуолаларыгар эмиэ ди­­риэктэринэн ананан үлэлээбитэ. Онтон РОНО-ҕа исписэлииһинэн, Уус Маайа парткомун сэкиритээринэн, уон сыл Күп сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн эҥкилэ суох үлэлээбитэ.

Андрей Илларионович 1984 сыллаахха үтүөлээх сынньалаҥҥа тахсан эрэ баран, айар үлэнэн толору дьарыктанар кыахтаммыта. Дьиҥэр, бу иннинэ кини тэттик кэпсээннэрэ, сэһэннэрэ, очеркалара тиһигин быспакка бэчээттэнэр этилэр.

“Саха сирин литератордара” ассоциация бастакы тэри­йэр сийиэһигэр Чокуур “Саха сирин суруйааччыта” ааты ылбыта. Талааннаах суруйааччы Андрей Егоров-Чокуур бэйэтин айымньыларыгар эбээннэр уонна эбэҥкилэр олохторун-дьаһахтарын, төрүт үгэстэрин туһунан суруйбута. Ону таһынан сахатын норуотун былыргы култууратын кинилэргэ билиһиннэрэн, Күпкэ үлэлии кэлээт ыһыахтары тэрийэн барбыта. Олоҥхоһут этэ. Онон, кини улууска саҕалаабыт үтүө дьыалата олоххо киллэриллэн, билигин уһуйааннарга уонна оскуолаларга национальнай култуураны үөрэтэллэр.

Андрей Илларионович бэйэтин ааҕааччыларыгар өссө да элбэх хатыламмат айымньылары хаалларар толору кыахтааҕа. Ол эрээри, хомойуох иһин, кини хараҕа мөлтөөн, бүтэһигэр олох көрбөт ­буолбута. Тапталлаах кэргэнэ уонна олоҕун доҕоро, көмөлөһөөччүтэ, тус сэкирэтээрэ Варвара Филипповна тугунан да сыаналаммат көмөтүнэн икки кинигэни суруйан хаалларбыта. Күн сириттэн күрэнэр 2000 сылыгар “Олох дабаана” диэн хо­­һооннорун хомуурунньуга бэчээккэ бэлэмнэнэн, бэчээттэммит кумааҕылары илиитинэн бигээн, ураты сытын билэн, бу орто дойдуттан барбыта. Онтон “Номох сиргэ – Уйаандьыга” диэн иккис кинигэтэ икки сылынан, 2002 сыллаахха ааҕааччыга тиийбитэ.

Кинигэлэрэ:

“Эһэм сэһэннэрэ” (1990), “Кэс тыл” (1993 с.), “Сүрэх айманыыта” (1993),  “Кыргыылаах” (1996), “Кыра доҕотторбор” (1997), “Олох дабаана” (2000),  “Номох сиргэ – Уйаандьыга” (2002), “Дедушкины рассказы”, “Маленьким друзьям” (тылбаастар).

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
6 декабря
  • -24°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 77% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: