Саха сирин учуонайдара тутууга саҥа инновационнай матырыйаалы туһанарга этии киллэрдилэр

Share

Саха сиринээҕи тутууга судаарыстыбаннай научнай-чинчийэр институт («ЯкутПНИИС» АУо) дьиэлэри тутууга үлүннэриллибит вермикулиты туһанарга этии киллэрдилэр.

ЯкутПНИИС чинчийиитэ көрдөрбүтүнэн, ылыллыбыт матырыйаал сылааһы тутар, тыаһы киллэрбэт. Ону тэҥэ баһаартан куттала уонна киһиэхэ буортута суох. Бу матырыйаалы истиэнэни, дьиэ үрдүн, муостаны, цокольнай чааһын бүрүйүүгэ туһаныахха сөп. Вермикулиты муостаны тэлгэтиигэ, этээстэр икки ардыларынааҕы бүрүөһүҥҥэ, чардаактарга көдьүүстээхтик тутталлар.

Хаартыска: sakha.gov.ru

Тутуу институтун учуонайдара Саха сирин соҕуруу өттүгэр Алдан оройуонугар  Арассыыйаҕа вермикулит бөдөҥ баайдаах сир баарын бэлиэтииллэр. Онон бу кэскиллээх баазаҕа саҥа инновационнай матырыйаалы оҥорон таһаарыахха сөп. Үлүннэриллибит вермикулиты Саха сирин тутуу комплексыгар туһаналлара сабаҕаланар. Арктика оройуоннарыгар олус туһалаах буолуоҕа.

Санатан эттэххэ, Саха сирин баһылыга Арктиканы сайыннарар туһунан  стратегическай ыйааҕынан Саха сирин Арктика оройуоннарыгар толору хааччыллыылаах уоту кэмчилиир олорор дьиэлэри тутууну саҕалыырга сорудахтаабыта.

Ил Дархан Ыйааҕын сүрүн хайысхаларыттан биирдэстэринэн саахалланар дьиэлэртэн Саха сирин Арктика түөлбэтин биэс бырыһыантан итэҕэһэ суох нэһилиэнньэтин көһөрөн, тупсаҕай эйгэни тэрийии ааттаммыта. «Олорор дьиэ-уот уонна куорат тупсаҕай эйгэтэ» нациоанльнай бырайыагы РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлүүр.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

11 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

12 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

12 часов ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

12 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

12 часов ago