Саха сирин умайар сүрэхтээх, уоттаах санаалаах дьоно түһүлгэлээн аастылар

Саха сирин умайар сүрэхтээх, уоттаах санаалаах дьоно түһүлгэлээн аастылар

11.03.2024, 18:00
Хаартыска: ааптар тиксэриилэриттэн
Бөлөххө киир:

Кулун тутар 5 күнүгэр Саха тыйаатырыгар таҥас ыйыыр көхө тиийбэт элбэх киһитэ тоҕуоруһан ааста. Бу күн манна “Барҕарыы” пуонда тэрийиитинэн сахалыы тылынан үөрэнээччилэр аан бастакы билим-бырактыычаскай кэмпириэнсийэлэрин түмүктүүр тэрээһинэ буолла.

Сыл аайы ыытыллар “Инникигэ хардыы” кэмпириэнсийэҕэ үөрэххэ дьоҕурдаах оҕолор чинчийэр үлэлэрин нууччалыы ситэрэллэрэ-хотороллоро ирдэнэр. Оттон сахалыы толкуй сайдарыгар оҕо чинчийиини төрөөбүт тылынан ыытара, суруйара, көмүскүүрэ тирэх буолуохтаах диэн маннык тэрээһин саҕаланна. Барыта 358 үлэ киирбит, 15 улуустан уонна Дьокуускай куораттан 380 үөрэнээччи кыттыбытын икки күн көрдүлэр. Бачча элбэх сахалыы кэпсиэн баҕалаах оҕо кэлиэҕэ  диэн күүппэтэх тэрийээччилэр чахчы да ыксаллаах быһыыга-майгыга киирэн ыллылар. Оҕолорго “сахалыы саҥарыҥ” диэн ирдэбили аҥардастыы туруорбакка, кинилэр төрөөбүт тылларынан айар, кэпсиир, сайдар маннык түһүлгэлэрин элбэхтик тэрийдэхпитинэ, оҕо бэйэтэ тардыһан, тыл суолтатын өйдүүр таһымҥа тахсыа этэ.

Маны таһынан, төрөөбүт тылларын туһугар туруммут “КҮН” оҕо түмсүүтүн 150-ча кыттыылааҕа улахан түһүлгэҕэ көхтөөхтүк мустан, бэйэлэрин истэриттэн салайар Сүбэ тэриннилэр, көҕүлээн барар үлэлэригэр соруктары туруордулар.

”Ийэ тыл” көҥүл түмсүүнү сүрүннээччилэр сарсыардаттан 10 хайысханан түһүлгэлэргэ тарҕаһан, кэлбит дьону кытта сүбэ мунньахтары ыыттылар. Бэлиэтэммит дьонунан көрдөххө, бу мунньахтарга барыта 500-тэн тахса киһи кыттыбыт. Онон, “КҮН” оҕолорун кытта холбоон 760 буоллубут диэн аахтыбыт.

Тойон мунньах саҕаланна. Ийэ тыл туһугар хамсааһын дьон-сэргэ бары араҥатын хабан, түмэт бары чулуу күүстэрин түмэн ыытылларын туһугар 54 киһилээх саҥа сүрүннүүр сүбэ талыллан бигэргэммитин билиһиннэрдибит. Манна ахсааммыт өссө да аһаҕас диэх тустаахпыт: билиҥҥитэ 13 улуустан киһилээхпит, онон улуустары кытта үлэ салгыы барыаҕа.

Мунньах сүрүн түгэнинэн сүбэ мунньахтар түһүлгэлэриттэн этиилэри истии буолла. Түһүлгэлэр салайааччылара сүрүн кыһалҕалары, дьон тугу туруорсарын, ону быһаарарга туох үлэ бара турарын, барыахтааҕын, ханнык сонун, айымньылаах хамсааһыннар баар буолбуттарын сиһилии ырытан кэпсээтилэр.

Кэнники сылга ордук кэрэхсэбили үөскэппит сонун хамсааһыннарынан “КҮН” оҕо түмсүүтэ (Романова К.П.), логопедтар “Төрүт тыл”  түмсүүлэрэ (Артемьева С.В.), “Ааҕар Саха сирэ” (Карманова С.Е.), “Саха тыла-400” (Угарова Нь.И.) Дьокуускай куорат нууччалыы иитиллиилээх сахаларын түмсүүтэ буолбуттара көстөр. Ньургуйаана Угарова: “Мин 50-тан тахса сыл олорорум тухары аҥардас нууччалыы эрэ саҥарбыт киһибин”,  —  диэн саҕалаабыт этиитин мунньах кыттыылаахтара дохсун ытыстарын тыаһынан өйүү көрүстүлэр. “Төрөөбүт тылбытын билбэппит – бу хас биирдиибит алдьархайа” диэн түмсүү салайааччыта саха эйгэтэ маннык туруктаах дьон араҥата баарын билинэн, кинилэр “баҕар олуттаҕас, баҕар сыыһа да буоллун, сахалыы саҥара сатыахпыт” диэбит күүстээх санааларыгар көмө, тирэх буоларбытыгар ыҥырда.

Дьокуускай сахалыы уһуйааннарын уонна оскуолаларын төрөппүттэрин Сүбэтэ (Никитина В.Н.), “Сахалыы тыыннаах оскуолалар уонна уһуйааннар” (Габышева Ф.В., Пермякова В.С.), “Биридимиэти сахалыы үөрэтии” (Шишигина Ф.В.), “Төрөөбүт тылга олоҕуран элбэх тылланыы (Попова Г.С.-Санаайа), “Оҕо аҕатынаан ийэ тыл эйгэтигэр” (Слепцов В.А.), “Ийэ тылбыт – итэҕэлбит” (Холмогорова А.А) түһүлгэ мунньахтарга барыларыгар киэҥ ис хоһоонноох кэскиллээх кэпсэтиилэр барбыттар, болҕомтону тардар этиилэр киирбиттэр.

Мунньах биир долгутуулаах түгэнинэн “КҮН” оҕо түмсүүтэ сахабыт тылын туһугар оҕолор бэйэбит биллэр-көстөр үлэбитин көрдөрүөхпүт диэн андаҕайбыттара буолла.

Этиилэри дьүүллэһии кэнниттэн Тойон мунньах түмүк докумуонун ый иһинэн быыччыктаан оҥорорго диэн быһаарыы ылынныбыт. Ону таһынан сотору “Ийэ тыл-2024” саха дьонугар Ыҥырыы суруга тахсан тарҕаныаҕа.

Мунньаҕы култуура уонна ускуустуба кэллиэһин устудьуоннарын бөлөҕө уус-уран туруоруунан, Саарын “Күннээх дуоҕа” ырыатынан, Умсуура, Василий Новоприезжай сахалыы куттаах ырыаларынан, Василиса Мыреева “Тыл иччитэ” диэн Дапсы хоһоонунан, бэйиэт Куола Уола “Ийэ тылым” хоһоонунан киэргэттилэр.

Наталья МИХАЛЕВА-САЙА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -44°C
  • Ощущается: -44°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: