Саха сириттэн 500-тэн тахса оҕо «Саллаакка сурук» аахсыйаҕа кытынна
Бүтүн Арассыыйатааҕы «Саллаакка сурук” аахсыйа алтынньы 17 күнүгэр дойду үрдүнэн ыытыллыбыта. Бу аахсыйа салгыы Саха сиригэр салҕанар.
СӨ үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн номнуо 500-тэн тахса оҕо «Саллаакка сурук» аахсыйаҕа кыттыбыт.
«Саха сирин олохтоохторо уруккуттан да түмсүүлэхтэринэн, дьон кыһалҕатыгар болҕомтолоохторунан уонна аһыныгастарынан уратылаахтар. Хас биирдиибит байыастарга өйөбүл буоларга дьулуһар. Билиҥҥи уустук кэмҥэ дойдуну көмүскүү сылдьар дьоммутугар үп-харчы, тиэхиньиичэскэй өттүнэн элбэх көмө оҥоһуллар. Ол эрээри өй-санаа өттүнэн өйөбүл эмиэ улахан суолталаах. Оҕолор ис сүрэхтэриттэн байыастарга суруйаллар. Дойдуларыгар этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэригэр баҕараллар. Онон бу аахсыйаны уһатарга быһаарынныбыт”, — диэн эттэ СӨ Ил Дархана Айсен Николаев.
Саха сирин ыччатын десанын көҕүлээһининэн Нерюнгри, Алдан куораттарын үөрэнээччилэрэ «Эр санаалаах буолуу” уруоктарыгар (Уроки мужества) байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар саллааттарга сүүһүнэн суруктары суруйдулар уонна «Россия! Мы Вас ждем” диэн суруйан уруһуйдаатылар. Бэлиэтээн суруйдахха, анал байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар байыастары өйүүр тэрээһиннэр Арассыыйа Оборуонатын уонна Үөрэҕин министиэристибэлэрин нөҥүө ыытыллаллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: