Анал байыаннай эпэрээссийэҕэ Саха сириттэн сылдьар байыастарга көмөлөһөн УАЗ массыынаны уонна эбии техническэй малы-салы тиксэрдилэр.
Массыынаны уонна анал тэриллэри өрөспүүбүлүкэ Донецкайдааҕы тирэх пуунун бэрэстэбиитэллэрэ тиксэрдилэр. «Донбаһы өйүүр Хотугулуу-Илиҥҥи пуондаҕа уонна Саха сирин олохтоохторугар улаханнык махтанабыт. Биһиги эһиги көмөҕүтүгэр эрэнэбит», – диэн «Плаха» диэн позывнойдаах байыас, биригээдэтин аатыттан махталын биллэрдэ.
Итини таһынан, бу күннэргэ тирэх пуун бэрэстэбиитэллэрэ Саха сириттэн сылдьар байыаннай сулууспалаахтарга дьонноруттан, аймахтарыттан аадырыстанан кэлбит, тус баһыылкаларын тиксэрбиттэрэ.
Санатан эттэххэ, «Саха сирэ эйигин кытары!» мобилизованнайдарга баһыылканы уонна көмөнү хомуйар пуун аадырыһа: Дьокуускай куорат, Орджоникидзе улууссата, 10. Өрөбүлэ суох, күн аайы 10:00 – 19:00 ч. диэри үлэлиир.
Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн Ил Түмэҥҥэ этиитигэр аҕа көлүөнэ бойобуой үгэстэрин байыаннай дьайыыга сылдьар…
Саха сиригэр 2026 сыл тохсунньу 1 күнүттэн күүһүгэр киириэхтээх олохтоох бэйэни салайыныы туһунан сокуон ылылынна.…
Ил Дархан бүгүн, ахсынньы 23 күнүгэр, Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитин оҥордо. Кини 2026 сылы Култуура…
Бу туһунан бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитигэр иһитиннэрдэ. --Быйыл тутуу үлэтигэр,…
Ахсынньы 23 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэн дьокутааттарыгар туһаайан этиитэ саҕаланна. Кини бу…
Ил Дархан Айсен Николаев ааспыт сылга Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитигэр Саха сиригэр доруобуйа харыстабылын кэлим…