Саха тылын, литэрэтиирэтин, култууратын учууталларын түмсүүтүн салайааччытын таллылар
Бүгүн саха тылын, литэрэтиирэтин, култууратын учууталларын өрөспүүбүлүкэтээҕи “Сайдыы” түмсүү салайааччытынан иккис төгүлүн Жанна Барашкованы таллылар.
Үс күн устата барбыт саха тылын, литэрэтиирэтин, култууратын учууталларын өрөспүүбүлүкэтээҕи II сийиэһэ түмүктэннэ, үрдүк таһымнаахтык ааста. Бүгүн түмсүү биэс сыллаах үлэтин отчуоттуур, быыбардыыр мунньаҕа буолла. Тэрээһиҥҥэ мустубут учууталлар түмсүү үлэтин үрдүктүк сыаналаан, Жанна Федоровна салайааччынан салгыы хааларыгар көрдөстүлэр: “Үлэ иһин-таһын биллэ, учууталлар даҕаны сибээһи тутар буоллубут, ханнык даҕаны түгэҥҥэ ыйытыыны хоруйа суох хаалларбат”, — диэн өйүүллэрин биллэрдилэр.
Жанна Федоровна бэйэтэ: “2017 сылтан биэс сыл устата түмсүүнү салайан кэллим. Бу уопсастыбаннай үлэ, бэйэм үлэм быыһыгар толордум. Сахабыт тыла дьүдэйэн эрэрин көрөн, санаам түһүөхчэ буолан, ылыстахха сатаныыһы диэн, төрөөбүт тылбыт туһугар ис сүрэхпиттэн үлэлээтим. Дьонум-сэргэм сыаналаан, иккистээн таллылар. Аныгыскы сийиэс баҕар биэс, баҕар үс сылынан буолуо. Онон күүһүм-кыаҕым баарынан турунабын. Саха тылын учууталларын кэккэтэ күүстээх, чэгиэн, көмөлөһөр кыахтаах дьон элбэхтэр. Уонна салалта да өттүттэн ханна баҕарар өйүүр, “ыалдьар” дьон бааллара санааны кынаттыыр, үөрдэр. Биир үксүн ол да иһин уопсастыбаннай үлэҕэ сөбүлэстим”, — диэн санаатын үллэстэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: