Саха түмэлигэр сайыны көрсүү сиэрэ-туома ыытылынна

Саха түмэлигэр сайыны көрсүү сиэрэ-туома ыытылынна

22.05.2024, 15:20
Хаартыска: Ярославскай аатынан түмэл.
Бөлөххө киир:

Емельян Ярославскай аатынан түмэл ыам ыйын 22 күнүгэр Дьокуускай куорат олохтоохторугар анаан «Самаан сайыны көрсүү» тэрээһини ыытта.

Хаартыска: Ярославскай аатынан түмэл.

Өбүгэлэрбит үтүө үгэстэринэн ыам ыйын 22 күнүттэн бэс ыйын 21 күнүгэр диэри Үөһээ Айыылартан Иэйэхсит чугаһыыр кэмэ, ол иһин той сиэрэ Иэйэхсиккэ ананар. Уһун кыһыны этэҥҥэ туораан күөххэ үктэнии үөрүүтэ-өрөгөйө буолар.
Бу күн дойду иччитигэр Аан Алахчын Хотуҥҥа анаан сиэр-туом оҥоһуллара. Бар дьон олоҕо, сүөһү төрүөҕэ этэҥҥэ турарыгар көрдөһөн хатыҥ маска ситии быаттан өрүллүбүт салама ыйыыллара.

Сарсыарда 11 чаастан Олоҥхо тыйаатырын артыыстара, М.Н. Жирков аатынан музыкальнай колледж устудьуоннара уонна уһуйааччылара кыттыылаах Аан Алахчын Хотуҥҥа сүгүрүйүү сиэрэ-туома ыытылынна. Алгыһы СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, олоҥхоһут Валентин Исаков түһэрдэ.
Маны тэҥэ,  тыа хаһаайыстыбатын наукатын дуоктара, АГАТУ ас-үөл технологиятын уонна аһылык индустриятын кафедратын профессора Константин Степанов “Төрүт ас туһата билим чинчийиилэригэр олоҕуран” диэн лиэксийэни аахта.

Оттон биллиилээх археолог, этнограф Василий Попов “Ыһыах туһунан саҥа быһаарыылар уонна өйдөбүллэр (археология уонна этнография чахчыларынан)” диэн лиэксийэтэ интэриэһи тарта.

“Модун” спортивнай комплекс үлэһиттэрэ  сахалыы остуол оонньууларын тэрийдилэр. Бу тэрээһиннэргэ киириитэ босхо. Маны таһынан, ыалдьыттары саха сиэринэн, арыылаах алаадьынан, уохтаах кымыһынан күндүлээтилэр.

“Самаан сайыны көрсүү” тэрээһиҥҥэ кэлбит дьон алгыс ылан, арчыланан, сахалыы сиэргэ-туомҥа кыттыһан, салама баайан, бэрт элбэх интэриһинэйи истэн-билэн, оһуохайдаан, оонньоон-көрүлээн, астынан тарҕастылар.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: