Сахалар тепловизорга көстүбэт көстүүмү айдылар
“Хоту-Тент” хампаанньа тепловизорга көстүбэт, снайпердарга аналлаах көстүүмнэри, балааккалары, байыаннай тиэхиникэ сабыыларын оҥорууну саҕалаатылар. Билигин оҥорон таһаарыы кээмэйин кэҥэтэр былааннаахтар диэн СИА иһитиннэрэр.
— Биһиги матырыйаалбытынан снайпер көстүүмнэрин уонна балааккалары оҥордубут. Билигин снайпердарга аналлаах кэтиир пууннары уонна тааҥкалар сабыыларын оҥорон тарҕатарга кэпсэтиини ыыта сылдьабыт. Ону тэҥэ, аармыйаҕа анаан кыра, көһөрөргө табыгастаах оһоҕу оҥорор былааннаахпыт. Сакаас бөҕөтө киирэр, онон кэҥээн иһэбит. Нэдиэлэҕэ тыһыынча кэриҥэ оҥоһугу оҥорон таһаарар буолуохпут, — диэн “Хоту-тент” хампаанньа байыаннай хайысхатын салайааччы Дуолан Андреев кэпсээтэ.
Бу иннинэ хампаанньа массыыналарга аналлаах, тымныыттан харыстыыр сабыылары, балааккалары оҥорор этэ. Билигин маны таһынан, байыаннай тиэхиникэҕэ сабыылары оҥорор буолла. Кинилэр матырыйааллара сылааһы, тымныыны аһардыбат буоланнар, тепловизорга көстүбэттэр эбит. Дьэ, бу билиҥҥи балаһыанньаҕа саамай наадалаах таҥас буолла.
«Армия-2022» норуоттар икки ардыларынааҕы байыаннай-техническэй пуорумҥа “Хоту-Тент” уонна “Эра” байыаннай инновационнай технолополис бииргэ үлэлэһэргэ сөбүлэһии түһэристилэр. “Якутия” технопаарка резиденэ оҥорбут сылааһы-тымныыны аһардыбат нанокомпозитнай матырыйаала байыаннай тиэхиникэни, байыастар олохторун харыстыырга туһалыаҕа, кыайыыны уһансарга бэйэтин кылаатын киллэриэҕэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: