«Сахатранснефтегаз» хампаанньа социальнай гаастааһын боппуруоһунан нэһилиэнньэни кытары көрсүһүөҕэ

Share

«Сахатранснефтегаз» хампаанньа «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаны кытары тыа сирин олохтоохторун гаастааһын боппуруоһугар бэс ыйын 14, 15 уонна 16 күннэригэр 14.00 ч. 18.00 ч диэри нэһилиэнньэни кытары көрсүһүөҕэ.

Гражданнар гаастааһын боппуруоһунан «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа Уопсастыбаннай өйөбүлүн ыстаабыгар тиийэн билсиэхтэрин сөп.

«Сахатранснефтегаз» хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Алексей Колодезников кэпсээбитинэн, Саха сирэ «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа социальнай гаастааһынан бырайыгар Уһук Илин эрэгийиэҥҥэ лиидэринэн буолар.

«Мин гаастааһын боппуруоһугар боппуруостаах дьону барыларын Дьокуускай куоракка баар «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа уопсастыбаннай өйөбүлүн ыстаабыгар ыҥырабын. «Сахатранснефтегаз»  хампаанньа үлэһиттэрэ сөптөөх сүбэни биэриэхтэрэ эбэтэр социальнай гаастааһыҥҥа сайаапкалары ылыахтара», — диэн эттэ Алексей Колодезников.

«Сахатранснефтегаз»  хампаанньа үлэһиттэрэ социальнай гаастааһын боппуруостарыгар эппиэттиэхтэрэ, гааска холбонорго тэхэньиичэскэй ирдэбиллэр тустарынан быһаарыахтара, социальнай гаастааһын чэрчитинэн гааска холбонууга сайаапканы ылыахтара.

Уопсастыбаннай өйөбүл ыстааба Дьокуускай куорат,  Курашов, уул. 24, 701 каб.

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Дьурустаан: «Инникитин устуоруйаны сэҥээрээччилэр туһаныахтара…»

Тохсунньу 9 күнүгэр Уус Алдан улууһугар Мүрүгэ "Түһүлгэ" киин балаҕан-дьиэтигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ,…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Тыыныынан эмтэнии

Доруобай буолуу төрдө. Тыыныынан эмтэнии биир саамай былыргы  ньымата -- хатха-йога.  Биһиги кэммитигэр биир сиргэ…

7 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тымныы кыһын буоларыгар

Күн-дьыл билгэтин төһө билэҕитий?  Бу туһунан И.М.Сосин  "Күн-дьыл билгэтэ" кинигэтигэр сиһилии суруллар.  Тымныы кыһын буоларыгар:…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ЫРЫСЫАП: “Сайаҕас” салаат

Дьааҥы улууһун Арыылаах орто оскуолатын саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала, РФ уопсай үөрэхтээһинин туйгуна Петр Слепцов…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Идэтийии: өбүгэ үгэһин утумнааччылар»

Ахсынньыга Дьокуускайга оҕолорго уонна ыччаттарга I өрөспүүбүлүкэтээҕи төрүт култуураҕа чөмпүйэнээт буолан ааспыта.   Төрүт сахалыы эйгэни…

9 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Бит-билгэ туһунан

Сахалар билгэлэрэ Сахалар итэҕэллэринэн киэһэ таһырдьа улаханнык саҥарыа, айдаарыа суохтааххын, сир иччитин кыыһырдыаххын сөп.  Түүн…

10 часов ago