“Саһыл сылга сүүрбэччэ куобаҕы тутар”
Куобаҕы бултааһын көҥүллэммитэ. Онон “Сонор суолугар” балаһаҕа сэрии кэмин аас-туор сылларыгар саха дьонун өрүһүйбүт куобах туһунан кэпсэтиэҕиҥ.
Куобах дэлэйбэтэҕэ син ыраатан эрэр. Бэртээхэй булт көрүҥэ буоллаҕа эбээт. Тыа кыылларыттан биир саамай тэнийбиттэр ахсааннарыгар киирэр. Австралияттан ураты материктарга барытыгар баар кыыл.
Зоологтар аан дойдуга отучча араас көрүҥэ баарын суруйаллар. Уончалыы сыл буола-буола ахсаана элбиир-аҕыйыыр.
Сахабыт сирин ылан көрдөххө, дойду сир куобаҕа сайын бороҥ, кыһын маҥан түүлэнэр. Хоту дойдута, Арктикаҕа сылы эргиччи мап-маҥан өҥнөөх буолар. Оттон соҕуруу, итии дойду куобахтара саһархай, кугас, хара буолаллар.
– Оскуолаҕа үөрэнэр кэммэр 5-с кылааска устуоруйа учуутала Николай Егорович Плотников биһиги кылаас оҕолорун куобахха туһах иитэргэ үөрэппитэ. Аҕам эмиэ туһахтыыр этэ. Кыһын тымныыга вишневай “Москвичпытынан” туһахпытын көрө барарбытыттан үөрүү бөҕө буолааччыбыт.
Аны хайыһардьыт этим, оҕо сылдьан трассаҕа сүүрэн дьарыктана сылдьан, таарыччы туһахтарбын көрөн, илии тутуурдаах кэлэрим.
Оттон куобах күрэҕэ оһуобай этэ. Күрэххэ саастаах өттө тоһуурга турара, эдэрдэр үүрэрбит. Тыраахтар вагонеткатыгар олорсон атын дэриэбинэлэргэ кытта куобахтыы барарбыт. Мин отут иккилээх биир уостаах саалааҕым, тимир гильзалаах этэ. Онно бастакы булдум мап-маҥан куобах этэ, – диэн онтон саҕалаан булка уһуйуллубутун туһунан кэпсээтэ “Сонор суолугар” балаһа ааҕааччыларын “ырыаһыт” саһылга түбэспитин туһунан кэпсээнинэн сөхтөрбүт Майа сэлиэнньэтин олохтооҕо Иннокентий Неустроев.
Кини саһылдьыт буолан, куобах үөрүн син элбээтиннэрдим диэн санаалаах. Ол курдук, саһыл буолунай куобаҕы тутар, сылга, ортотунан, 20-ни тутара буолуо диэн этэр. Булчут кэтээн көрөрүнэн, куобах ардахтаах саас оҕото өлөр эбит. “Хата, быйыл саас ардах түспэккэ курааннаан, куобахха үчүгэй буолла. Биһиэхэ, Мэҥэ Хаҥаласка, арыый эрдэ көҥүллээн кэбистилэр быһыылаах, өссө биир сыл үөскээбитэ буоллар. Кыһын саһылга хапкаанныы сылдьан көрдөхпүнэ, онон-манан суол элбээн эрэрэ көстөр. Бэйэм амсайарга диэн быйыл икки куобахтаахпын,” – диир Иннокентий Валерианович.
Буодьу, бодьойоон, бөлөдьөөк
– Саҥа төрөөбүт куобах оҕото хайыы үйэ түүлээх, хараҕын аспыт буолар. Сири булаат, сотору кэминэн ойуоккалаан киирэн барар. Ити өттүнэн, кутуйах дуу, ыт дуу оҕотунааҕар эрдэ сайдан күн сирин көрөр. Сайын устата иккитэ эбэтэр үстэ төрүүр. Тыһы куобах оҕолорун күҥҥэ биирдэ эрэ эмтэрэр. 6-8 оҕолоох буолар. Эмэ сылдьар куобах оҕотун дьүөлэкээн диэн ааттанар. Манна даҕатан, Саха сирин сорох улуустарыгар, Бүлүү сүнньүнэн уонна Дьааҥыга, Дьүөлэкээн диэн аҕа уустара тарҕаммыттарын санатыахха сөп. Арыый улааппыт куобах оҕото сахалыы элбэх ааттаах. Ол курдук нох, ньохох, ньолох, ньөлөк, ньохоос, ньоруоскай, ньоорой, ньолохох, ньоллоох, ньукуруут диэн “н”, “нь” дорҕооннортон саҕаланар дьикти ааттардаах. Манна “-ох” диэн сыһыарыы кыыллар оҕолорун ааттыырга туттуллар сыһыарыы буоларын санатар тоҕоостоох. Биллэн турар, сир-сир, улуус-улуус аайы сааһынан көрөн, араастаан этэллэр. Холобур, кыра куобаҕы өссө буодьу, бодьойоон, борооху, бөлөдьөөк дииллэрин булка сыһыаннаах дьон билэллэр. Маны таһынан, ситэ улаата илик бу бөдөҥ кэрбээччини оккооло, охторокой диэн эриэккэстик ааттыыллар.
Куобах барахсан! Тириитэ — сымнаҕас, сылаас таҥас, этэ – тотоойу ас бэрдэ. Саха дьонун былыр, аас-сут дьылларга элбэхтик абыраабыта кэпсэлгэ сылдьар. Былыр куобаҕы «амыдай» дииллэрэ үһү. Билигин ол умнуллан эрэр. Куобах атын ааттарын: табысхаан, хотонох, кылгас атах, ускаан, бөлөөк диэннэри дьон үксэ билэр, туттар. Маанылаах кыылбыт, куобах барахсан, сотору кэминэн бултанар гына дэлэйдэр ханнык, – диэн суруйар Дьокуускай олохтооҕо Максим Ксенофонтов.
Сорохтор төһө да билигин улахан булка үөрэнэн, сэҥээрбэт курдук буолбуттарын иһин, куобах суолтатын умнар табыллыбат.
Анатолий Попов, СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтин Булт уонна булду харыстааһын департаменын сүрүн исписэлииһэ:
– Саха сиригэр куобах ахсаана 10-12 сыл устата элбиир уонна аҕыйыыр үгэстээх. Саамай бүтэһигин 2009 сыллаахха аҕыйаабыта бэлиэтэммитэ, чуолаан, өрөспүүбүлүкэ киин уонна илин эҥээр оройуоннарыгар. Онон сибээстээн, бултааһын бобуллубута уонна Саха сирин киин уонна илин эҥээр оройуоннарыгар (Дьокуускай к., Нам, Хаҥалас, Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан, Чурапчы, Таатта, Амма улуустара) онтон ыла билиҥҥэ диэри сыл ахсын бобуу олохтоммута.
Булду судаарыстыбаннай кэтээн көрүү уонна ырытыы түмүгэр бу үөһээ ыйыллыбыт оройуоннарга сыыйа элбээн эрэрэ бэлиэтэммитэ.
Онон сибээстээн, 2024-2025 сыллардааҕы булт сезонугар өрөспүүбүлүкэ киин уонна илин эҥээр оройуоннарыгар куобаҕы бултааһын көҥүллэннэ. Салгыы элбиирин, төрүүрүн-ууһуурун туһугар тустаах министиэристибэ бултааһын көҥүллэнэр нуормаларын туһунан бирикээһэ тахсыбыта. Онон бу үөһээ ыйыллыбыт оройуоннарга иккилиини бултуохтарын сөп, итинтэн атын оройуоннарга 10-тан ордуга суоҕу бултуур көҥүллэннэ.
Куобаҕы бу сыл балаҕан ыйын 15 күнүттэн 2025 сыл олунньу 28 (29) күнүгэр диэри бултуохха сөп.
Владислав Кривошапкин, Дьааҥы:
– Куобах быйыл да Дьааҥыга хойдон кэлбэтэ, тоҕо эрэ. Уруккунан буоллаҕына, үөскүүр кэмэ кэлбитэ ыраатта да, тоҕо эрэ урукку болдьоҕун толорбот. Биирдиилээн баар, Адыаччы сиһинэн дииллэр. Айылҕа уларыйыыта дуу, кэнники улахан халаан, улахан баһаардар содуллара эбитэ дуу. Туох эрэ ыарыыламмыт буолан, тэнийбэт буолуон сөп. Биллибэт. Сорохтор саһыл, киис, кырынаас бултаммат буолан куобаҕы үөскэппэт, сиир дэһэллэр. Хайдаҕа буолла?
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: