«Сайылыгы» көрө -– Саха тыйаатырыгар
Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатыра бэйэтин көрөөччүлэрин тохсунньу 25-26 күннэригэр «Сайылык» испэктээккэ Алампа аатынан аччыгый саалаҕа ыҥырар.
Семен Ермолаев-Сиэн Өкөр “Сайылык” испэктээгэр төрөөбүт дойдуга таптал, дойду ахтылҕана, өбүгэ сирин ытыктааһын, өбүгэ дойдутугар төннүү уо.д.а. социальнай тиэмэлэр көрдөрүллэллэр. Режиссер Сергей Потапов бу испэктээгэр “Өлүү кэнниттэн олох баар дуо?” диэн киһи аймах үөскүөҕүттэн баар ыйытыыга хоруй көрдүүргэ холонор.
Оруолларга Айаал Аммосов, Иннокентий Луковцев, Сергей Баланов, Елена Сергеева-Румянцева, Эдуард Захаров, Александр Захаров, Анастасия уонна Григорий Ивановтар оонньууллар.
Санатан эттэххэ, Сиэн Өкөр «Сайылык» айымньыта испэктээк уонна киинэ буолан турбута. Онтон 1995 сыллаахха Саха тыйаатырын режиссера Василий Фомин испэктээк быһыытынан туруорбута.
Аныгы кэм биллиилээх режиссера Сергей Потапов «Сайылык» испэктээгин көрө олорон, икки үлэни тэҥнээн, киһини мунаардар да, толкуйдатар да санааларга кэлиэххэ сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: